От ыйын 1 күнүттэн Саха сиригэр ОДьКХ өҥөтүгэр тарыып үрдүөҕэ

Share

От ыйын 1 күнүттэн Саха сиригэр олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа өҥө иһин тарыып үрдүүрэ күүтүллэр. Үрдээһин, ортотунан,  9,5%-н буолуоҕа диэн СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Бочков былырыын сыл түмүгэр этэн турар.

«2024 сыл от ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарыып, ортотунан, сылааһынан хааччыйыыга 16,8%, уунан хааччыйыыга 19,9%, уунан туһаныы – 21,8% үрдүөҕэ. Онуоха биирдиилээн дьон, ону сэргэ Саха сиригэр дьоҕус уонна орто биисинэһинэн дьарыктанааччылар чэпчэтиилээх тарыыбынан туһанар бырааптаахтар. Онон ОДьКХ өҥөтүн иһин төлөбүр 9,5 %-н буолар, оттон оройуоннарга халбаҥнаан 3 % үрдүөҕэ, ол эрээри бары хомунаалынай өҥөлөр иһин төлөбүр 12,5%-н тахсыа суоҕа. Оттон дьоҕус уонна орто биисинэһинэн дьарыктанааччыларга сылааһынан хааччыйыы үрдээһин 10%-н тахсыа суоҕа», – диэн эппитэ Николай Бочков.
Ол курдук 2024 с. өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтигэр тарыып, ортотунан, маннык үрдүөҕэ:

  • электроэнергия – 8,9%;
  • гааһынан хааччыйыы – 11,2%;
  • кытаанах бөҕү-саҕы хомуйуу – 9,1%;
  • сылааһынан, итии уунан хааччыйыы уонна ууну туһаныы – 9%;
  • тымныы уунан хааччыйыы – 7,3%.

Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Бочков эппитинэн, ОДьКХ өҥөтүн иһин тарыып үрдээһинэ дойду экэнэмиичэскэй балаһыанньатын, экэниэмикэҕэ инфляция барыытын, сааҥсыйалары, тиэйии-таһыы ороскуотун кытары, ону тэҥэ судаарыстыба сыана быспат өҥөтүгэр, холобур, чох, ньиэп уонна уматык сыанатын кытта сибээстээх.

Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Бочков эппитинэн, ОДьКХ өҥөтүн иһин тарыып үрдээһинэ дойду экэнэмиичэскэй балаһыанньатын, экэниэмикэҕэ инфляция барыытын, сааҥсыйалары, тиэйии-таһыы ороскуотун кытары, ону тэҥэ судаарыстыба сыана быспат өҥөтүгэр, холобур, чох, ньиэп уонна уматык сыанатын кытта сибээстээх.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
6
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

31 минута ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

1 час ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

16 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

16 часов ago