От ыйын 12 күнүгэр икки киһи ууга түстэ

Share

Саха сиригэр от ыйын 12 күнүгэр икки эр киһи ууга тимирдэ, биир киһи булулла илик. Бу туһунан Саха сиринээҕи быыһыыр сулууспатын пресс-сулууспата суруйар.

От ыйын 12 күнүгэр Өлүөхүмэ оройуонун ЕДДС дьуһуурунай чааһыгар күнүс 12 чааска Чаара үрэҕэр мотуордаах оҥочоттон эр киһи уонна кыыс оҕо ууга түспүттэрин туһунан тыллаатылар. Кыыһы быыһаатылар, оттон эр киһи ууга тимирдэ. Токко олохтоохторо биэс буолан мотуордаах оҥочонон көрдөөһүҥҥэ таҕыстылар да, билиҥҥи диэри көрдөөһүн түмүгү аҕалбата.

Бэҕэһээ, от ыйын 13 күнүгэр, тимирбит эр киһини көрдөөһүҥҥэ Саха сирин быыһыыр сулууспатын 3 водолаза көттө. Бу туһунан Саха сиринээҕи быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.

Итини таһынан от ыйын 12 күнүгэр, киэһэ 21.30 часска Томпо оройуонун ЕДДС  дьуһуурунай чааһыгар Тыры үрэҕи туоруурга санаммыт биир научнай институт үлэһитин өрүс күүстээх уута илдьэ барбытын туһунан иһитиннэрии киирдэ. От ыйын 13 күнүгэр олохтоох дьаһалта күүһүнэн тимирбит киһи өлүгэ булулунна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
6
+1
3
+1
2

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago