От ыйын 13 күнэ — бэлиэ күн
«Абааһы мунньаҕа» диэн былыр сахаларга тарҕаммыт өйдөбүл.
Өйдөбүл быһыытынан, от ыйын 13 күнүгэр, абааһылар мунньахтыыллар диэн. Сыаллара-соруктара ол сылга кими олохтон ылалларын испииһэктииллэр. Абааһылар мунньахтыылларын былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит кэпсииллэринэн билэбит. Мунньахтыыр күннэригэр хотуур суолун таһаардахха, абааһы уола сырсар дииллэр. Ол иһин, дьон абааһы мунньаҕын иннинэ окко киирэн, хотуур суолун түһэрэ сатыыллар. Абааһылар биир күн ханнык эрэ алааска мунньахтыыллар уонна үс сыл иһигэр анараа дойдуга барыахтаах, эбэтэр үс сылынан өлүөхтээх киһини испииһэктээн бараллар, онно өлүөхтээх дьон уруулара эҥин “аҕыйах сыл бу Орто дойдуга сырыттын” диэн көмүскэһэн көрөллөр диэн бэлиэтииллэр. Биллэн турар, анараа дойдуга олох баар буоллаҕына, урууларбыт, төрөппүттэрбит Орто бараан дойдуга олоро түһэрбитин туруорсар буоллахтара.
Бу күн киһи этиһиэ, үөхсүө суохтаах, кими даҕаны кырыа суохтаах, үөнү уонна кыылы өлөрүө уонна атаҕастыа суохтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: