Бу күн ардах түспэтэҕинэ — сылаас, ардаҕа суох күһүн буолар диэн билгэлэнэр. Ардахтаах буоллаҕына — оттоммут от ууга барар кутталланар.
Православнай халандаарынан от ыйын 26 күнүгэр Сайыҥҥы Хабырыылла күнэ бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньык сэттэ Архангелтан биирдэстэрэ — Хабырыыл күнэ. Кинини дьиктилэр уонна кистэлэҥнэр таҥарата диэн ааттыыллар. Православияҕа Архангел Хабырыыл итэҕэйээччилэри көмүскээччинэн ааҕыллар. Хабырыыл дьону кырдьыктаах суолга салайар уонна таҥнарыахсыттары, албыннааччылары атаҕастыыр.
Норуокка этиллэринэн, Хабырыыл күнүгэр халлааҥҥа төһө көтөрү көрөҕүн да, атырдьах ыйыгар итиччэ сылаас күн туруоҕа. Бу күн ардах түстэҕинэ, атырдьах ыйыгар үлэ барыта тохтуур диэн билгэлэнэр. Ону таһынан күүстээх ардах үүнүүнү суох оҥоруон сөп диэн быһаараллар. Оттон куйаас күн турдаҕына, кэлэр ый сылаас, сөҥүүтэ аҕыйах буолуоҕа.
Бырааһынньык күнүгэр албынныыр көҥүллэммэт. От ыйын 26 күнүгэр тулалыыр дьоҥҥут ортолоругар хаһааҥҥытааҕар да чиэһинэй буолуохтааххыт. Ону таһынан атын бырааһынньык күннэриттэн бүгүн сүрэҕэлдьиир, тугу гыммакка сытар табыллыбат. Хабырыыл күнүгэр иэс харчы ылар уонна биэрэр сатаммат. Оттон иэс харчы ылбыт буоллахытына, бүгүн төнүннэрэр ордук. Норуот итэҕэлинэн, бу ирдэбили толорботох сыл устата харчытыгар кыһалҕалары көрсүөҕэ.
Бү күн чугас дьоҥҥутугар минньигэс аһынан-үөлүнэн күндүлүүр уонна үллэстэр ордук.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: