От ыйын 26 күнэ — Сибэтиэй Хабырыыл күнэ

Share

Бу күн ардах түспэтэҕинэ — сылаас, ардаҕа суох күһүн буолар диэн билгэлэнэр. Ардахтаах буоллаҕына — оттоммут от ууга барар кутталланар.

Православнай халандаарынан от ыйын 26 күнүгэр Сайыҥҥы Хабырыылла күнэ бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньык сэттэ Архангелтан биирдэстэрэ — Хабырыыл күнэ. Кинини дьиктилэр уонна кистэлэҥнэр таҥарата диэн ааттыыллар. Православияҕа Архангел Хабырыыл итэҕэйээччилэри көмүскээччинэн ааҕыллар. Хабырыыл  дьону кырдьыктаах суолга салайар уонна таҥнарыахсыттары, албыннааччылары атаҕастыыр.

Норуокка этиллэринэн, Хабырыыл күнүгэр халлааҥҥа төһө көтөрү көрөҕүн да,  атырдьах ыйыгар итиччэ сылаас күн туруоҕа. Бу күн ардах түстэҕинэ, атырдьах ыйыгар үлэ барыта тохтуур диэн билгэлэнэр. Ону таһынан күүстээх ардах үүнүүнү суох оҥоруон сөп диэн быһаараллар. Оттон куйаас күн турдаҕына, кэлэр ый сылаас, сөҥүүтэ аҕыйах буолуоҕа.
Бырааһынньык күнүгэр албынныыр көҥүллэммэт. От ыйын 26 күнүгэр тулалыыр дьоҥҥут ортолоругар хаһааҥҥытааҕар да чиэһинэй буолуохтааххыт. Ону таһынан атын бырааһынньык күннэриттэн бүгүн сүрэҕэлдьиир, тугу гыммакка сытар табыллыбат. Хабырыыл күнүгэр иэс харчы ылар уонна биэрэр сатаммат. Оттон иэс харчы ылбыт буоллахытына, бүгүн төнүннэрэр ордук. Норуот итэҕэлинэн, бу ирдэбили толорботох сыл устата харчытыгар кыһалҕалары көрсүөҕэ.
Бү күн чугас дьоҥҥутугар минньигэс аһынан-үөлүнэн күндүлүүр уонна үллэстэр ордук.
What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

12 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

12 часов ago