«Открытие» баан тимир көлөнү атыылааһыыга чэпчэтиилээх кирэдьииттээһиҥҥэ сайаапканы хомуйан саҕалаата
«Открытие Авто» («Открытие» баан тимир көлөҕө биисинэһин салаата) тимир көлөнү атыылаһыыга чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин бырагырааматын сөргүтэн үлэлэтэн эрэр. Сайаапканы хомуйууну саҕалаабыт.
Кирэдьиит сыллааҕы ставкатын бырыһыана 8,9-ка тэҥнэһэр. «Открытие» баантан тустаах сыалга 3 мөл. солк диэри суумалаах кирэдьиити ылыахха сөп. Кирэдьиит төлөнөр болдьоҕо 7 сыл, бастакы усунуос быһыытынан кирэдьиит уопсай сууматыттан 10 бырыһыана төлөнүллүөхтээх.
Манна биири өйдүөххэ наада. Тустаах бырагыраамаҕа АвтоВАЗ, УАЗ, ГАЗ мааркалара уонна Тула уобалаһыгар оҥоһуллар Haval мааркалаах тимир көлөлөр хапсаллар. Бырагыраамаҕа чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин баар, ол базовайа 20 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр. Уһук Илин уокурук олохтоохторугар өссө 25 бырыһыан буолар. «Судаарыстыбаннай бырагыраама 2023 сылга дойдубутугар тимир көлө ырыынагын өйүүр аналлаах. Олохтоох тимир көлөлөр хамаҕатык атыыга барыыларын хааччыйар. Ааспыт сылга бу бырагырааманы дьон биһирээбитэ, онон быйыл да болҕомто эргимтэтигэр сылдьыаҕа», — диэн «Открытие Авто» салаатын салайааччыта Марина Дембицкая cанаатын үллэстибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: