Уулаах отон хаһан хомулларый?
27.08.2025, 09:30

Хаартыска: Саха сирэ
Бөлөххө киир:
Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бигэргэппит сир аһын маассабайдык хомуйуутун болдьоҕунан, улуустарынан уулаах отону хомуйуу маннык болдьохтон саҕаланар:
- Алдан улууһа – атырдьах ыйын 28 күнэ;
- Амма улууһа – атырдьах ыйын 21 күнэ;
- Бүлүү улууһа – атырдьах ыйын 20 күнэ;
- Үөһээ Бүлүү улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
- Горнай улууһа – атырдьах ыйын 28 күнэ;
- Эдьигээн улууһа – атырдьах ыйын 17 күнэ;
- Үөһээ Халыма улууһа – атырдьах ыйын 20 күнэ;
- Аллараа Халыма улууһа – атырдьах ыйын 21 күнэ;
- Орто Халыма улууһа – атырдьах ыйын 21 күнэ;
- Өймөкөөн улууһа – атырдьах ыйын 21 күнэ;
- Абый улууһа – атырдьах ыйын 27 күнэ;
- Муома улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
- Ленскэй улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
- Мииринэй улууһа – атырдьах ыйын 21-25 күннэрэ;
- Мэҥэ-Хаҥалас улууһа – атырдьах ыйын 28 күнэ;
- Таатта улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
- Чурапчы улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
- Нерюнгри улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
- Ньурба улууһа – атырдьах ыйын 20 күнэ;
- Өлүөхүмэ улууһа – балаҕан ыйын 1 күнэ;
- Сунтаар улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
- Томпо улууһа – балаҕан ыйын 1 күнэ;
- Кэбээйи улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
- Дьааҥы улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
- Эбээн-Бытантай улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
- Усуйаана улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
- Уус-Алдан улууһа – атырдьах ыйын 20 күнэ;
- Уус-Маайа улууһа – балаҕан ыйын 10 күнэ;
- Хаҥалас улууһа – атырдьах ыйын 26 күнэ;
- Нам улууһа – атырдьах ыйын 23 күнэ;
- Дьокуускай к. – атырдьах ыйын 23 күнэ.
«Олохтоммут болдьоххо сир аһын бэйэ наадыйыыга эрэ хомуйар көҥүллэнэр. Тыа баайын атыы-эргиэн сыалыгар-соругар хомуйарга сокуонунан тустаах дуогабары түһэрсиэххэ наада. Дьон тыаҕа көҥүл сылдьан, тыа аһын мэһэйэ суох хомуйуохтарын сөп, ол иһигэр арендалаабыт тыа пуондатын учаастактарыгар эмиэ», — диэн Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр бэлиэтээтилэр.
Маны таһынан, биэдэмистибэҕэ баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмигэр тыаҕа кутаа уоту оттор бобулларын санаттылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: