Уулаах отон хаһан хомулларый?

Share

Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бигэргэппит сир аһын маассабайдык хомуйуутун болдьоҕунан, улуустарынан уулаах отону хомуйуу маннык болдьохтон саҕаланар:

  • Алдан улууһа – атырдьах ыйын 28 күнэ;
  • Амма улууһа – атырдьах ыйын 21 күнэ;
  • Бүлүү улууһа – атырдьах ыйын 20 күнэ;
  • Үөһээ Бүлүү улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
  • Горнай улууһа – атырдьах ыйын 28 күнэ;
  • Эдьигээн улууһа – атырдьах ыйын 17 күнэ;
  • Үөһээ Халыма улууһа – атырдьах ыйын 20 күнэ;
  • Аллараа Халыма улууһа – атырдьах ыйын 21 күнэ;
  • Орто Халыма улууһа – атырдьах ыйын 21 күнэ;
  • Өймөкөөн улууһа – атырдьах ыйын 21 күнэ;
  • Абый улууһа – атырдьах ыйын 27 күнэ;
  • Муома улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
  • Ленскэй улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
  • Мииринэй улууһа – атырдьах ыйын 21-25 күннэрэ;
  • Мэҥэ-Хаҥалас улууһа – атырдьах ыйын 28 күнэ;
  • Таатта улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
  • Чурапчы улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
  • Нерюнгри улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
  • Ньурба улууһа – атырдьах ыйын 20 күнэ;
  • Өлүөхүмэ улууһа – балаҕан ыйын 1 күнэ;
  • Сунтаар улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
  • Томпо улууһа – балаҕан ыйын 1 күнэ;
  • Кэбээйи улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
  • Дьааҥы улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
  • Эбээн-Бытантай улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
  • Усуйаана улууһа – атырдьах ыйын 25 күнэ;
  • Уус-Алдан улууһа – атырдьах ыйын 20 күнэ;
  • Уус-Маайа улууһа – балаҕан ыйын 10 күнэ;
  • Хаҥалас улууһа – атырдьах ыйын 26 күнэ;
  • Нам улууһа – атырдьах ыйын 23 күнэ;
  • Дьокуускай к. – атырдьах ыйын 23 күнэ.

«Олохтоммут болдьоххо сир аһын бэйэ наадыйыыга эрэ хомуйар көҥүллэнэр. Тыа баайын атыы-эргиэн сыалыгар-соругар хомуйарга сокуонунан тустаах дуогабары түһэрсиэххэ наада. Дьон тыаҕа көҥүл сылдьан, тыа аһын мэһэйэ суох хомуйуохтарын сөп, ол иһигэр арендалаабыт тыа пуондатын учаастактарыгар эмиэ», — диэн Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр бэлиэтээтилэр.

Маны таһынан, биэдэмистибэҕэ баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмигэр тыаҕа кутаа уоту оттор бобулларын санаттылар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһууларын сыла үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһууларын сылын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйда. Тэрээһин "Россия — семья…

45 секунд ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Мобильнай хирурдар икки сыл иһигэр 1612 эпэрээссийэни оҥорбуттар

Саха сиригэр "Мобильнай хирургическай киин" инновационнай бырайыагы олоххо киллэрии салҕанар. Бырайыак Ил Дархан Айсен Николаев…

21 минута ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Аһыы олорон… Маны билэҕин, тутуһаҕын дуо?

Аһыырбытыгар сыһыаннаах сиэр-туом туһунан билэҕин, истибитиҥ дуо? Тугу билиэхтээх, тутуһуохтаах эбиппитий? Айыы үөрэҕэ тугу этэрий,…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Үчүгэй баҕайы дуу, үчүгэй бэйэлээх дуу?

Эһиги, күндү ааҕааччылар, Саха НКИХ биэриилэригэр “үчүгэй баҕайы” диэн этии сиэри таһынан хойуутук этиллэриттэн кулгааххыт…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Киһини уураппыт тэрилтэ харчы төлөөтө

Бүлүү улууһугар "Сыа-Бүлүү" тэрилтэҕэ былырыын олунньу ыйга эр киһи эчэйии ылан сиһин тоһуппута. Ити кэнниттэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Туус кистэлэҥэ

Үксүгэр биһиги тууһу аска амтан биэрэр тума эрэ курдук туттабыт. Ол гынан баран, туус дьиэ хаһаайкатыгар…

2 часа ago