Отону түргэнник ыраастыыр ньымалар
Дьон “быйыл отон маска эрэ үүммэтэх”, сорохтор “маска кытта үүммүт” дэһэллэр. Отон төһөнөн хойуу, соччонон элбэҕи үргээн аҕаларга дьулуһабыт. Дьиэҕэ аҕалан баран ыраастыырга балачча бириэмэ барар. Отону ыраастыыр ханнык судургу ньымалар (“лайфхактар”) бааллар эбитий. Манна ааҕыҥ, туһаныҥ.
Сиидэлиир
Отон кэмин саҕана маҕаһыыннарга отон ыраастыыр эрэһэ хото атыыланар. Отону ыраастыыр судургу ньымалартан биирдэстэрэ диэн, кэлин дьон эрдэттэн сак ылан манан ыраастыыр буолла. Аҕыйах сыллаахха диэри тыа сирин дьоно аймахтарынан анал эрэһэни сорохтор куоска иһитэ эмиэ барсар эбит диэн куораттан үлэһэллэрэ, кэлин Кытайтан сакаастыыр, ону ааһан аҕалан атыылыыр дьон элбээтэ. Сыаната, ортотунан, 700-800 солк.
Сыллата туһанар дьон бу эрэһэ отоҥҥо оруобуна сөп түбэһэр дэһэллэр. Ол эбэтэр отон бэйэтэ эрэһэҕэ хаалар, ото-маһа түһэн хаалар диэн хайгыыллар.
Остуолга сүүрдэр
Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан сир аһыгар сылдьабын. Маҥнай илиинэн ыраастаан сордонорум, кэлин улаата түһэн баран оонньуу ыстаныах баҕаттан судургу ньыманы тобулбутум – остуол биир уһугун икки атаҕын анныгар мастары ууран, остуол ньууругар таҥаһы саба быраҕан баран отоммун онон сүүрдэрим. Үөһэттэн сүүрдэргэ отоно аллара иһиккэ төкүнүйэн түһэр, туох-баар кыра да бөҕө, ото-маһа таҥаска иҥнэн хаалар. Таҥаһым киртийдэ дии санаатахпына, ылан тэбээн кэбиһэрим. Бүттэ. Бу элбэх отону ыраастыырга туох да ааттаах, тус бэйэм туһаммыт ньымам.
Билигин дьон улахан соҕус (100х50) хортуону отон төкүнүйбэтин курдук икки өттүнэн бүк тутан баран түһэҕэр тутан олорон онон сүүрдэр буолбуттар.
Аппараатынан ыраастааһын
Соҕуруу дойду олохтооҕо дьоҕус отон ыраастыыр тэрили оҥостубут, онтун патеннаабыт уонна сакааһынан атыылыыр эбит. Көрдөххө бэрт судургу оҥоһуулаахха дылы. Дьэбиннирбэт ылтаһыны отон сүүрбэтин курдук икки өттүнэн бүк туппут уонна анал остуолга хамсаабат гына туттарбыт. Ортотугар үрдэрэр тэрили иилбит. Үөһэ өттүгэр туспа отон кутар, аһыллар-сабыллар иһиттээх. Арыйан кыратык отонун кута түһэн баран сабан кэбиһэр. Отон үөһэттэн ылтаһыҥҥа түһээтин кытта компрессор үрэн бөҕүн көтүтэн кэбиһэр, отоно салгыы аллара сүүрэн иһиккэ барар. Үчүгэйэ диэн компрессорын күүһүн улаатыннаран-кыччатан биэриэн сөп эбит.
Сууйуу
Сорох дьон отону хомуйан баран сууйаллар. Маныаха дириҥ иһиккэ тымныы ууну кутан баран үрдүгэр ытыһынан сэрэнэн баһан ылан отон куталлар. Үрдүгэр дагдайан тахсыбыт бөҕүн, сыыһын баһан ылаллар.
Биллэн турар, маннык ыраастаммыт отону уутун сүүрдэ түһэн баран тута тоҥорор эбэтэр барыанньалыыр ордук.
Илиинэн ыраастааһын
Билигин дьон төһө даҕаны судургу, чэпчэки көрүҥү тобуларга соруммутун иһин, тиэтэйбэккэ, өрүһүспэккэ бытааннык, ыраастык хомуйан аҕалбыт ордук. Ол эрээри, аныгы дьон бириэмэни эккирэтэр аатыран биирдэ баран, төһө кыалларынан, элбэҕи баһан аҕалар баҕалаахпыт.
Урукку курдук дьиэ кэргэн отону үргээн аҕалбыт күннэригэр остуол тула олорон сэлэһэ-сэлэһэ ыраастыырдааҕар ордук ньыма суох. Маннык түгэннэр оҕо саас умнуллубат киэһэлэринэн буолаллара саарбаҕа суох.
Фенынан, компрессорынан үрдэрии
Отон ыраастыырга өссө биир уруккуттан туттуллар ньыма – фенынан үрдэрии. Нэлэгэр соҕус, балачча үрдүк тааска отон кутан баран фенынан үрдэрэллэр. Отоно иһиккэ хаалар, сэбирдэҕэ, бөҕө-сыыһа таас тас өттүгэр көтөн хаалар. Туһугар бэрт толкуй! Фен оннугар компрессоры эмиэ туһаныахха сөп. Билигин үрүллэр матараас, бассейн элбэх ыалга баар. Арай, уончалыы биэдэрэни биирдэ ыраастыырга хайдах эбитэ буолла, бука, сойута-сойута үрдэрэр ордуга дуу.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: