Отону түргэнник ыраастыыр ньымалар

Share

Дьон “быйыл отон маска эрэ үүммэтэх”, сорохтор “маска кытта үүммүт” дэһэллэр. Отон төһөнөн хойуу, соччонон элбэҕи үргээн аҕаларга дьулуһабыт. Дьиэҕэ аҕалан баран ыраастыырга балачча бириэмэ барар. Отону ыраастыыр ханнык судургу ньымалар (“лайфхактар”)  бааллар эбитий. Манна ааҕыҥ, туһаныҥ.  

Сиидэлиир

Отон кэмин саҕана маҕаһыыннарга отон ыраас­тыыр эрэһэ хото атыыланар. Отону ыраастыыр судургу ньымалартан биирдэстэрэ диэн, кэлин дьон эрдэттэн сак ылан манан ыраастыыр буолла. Аҕыйах сыллаахха диэри тыа сирин дьоно аймахтарынан анал эрэһэни сорохтор куоска иһитэ эмиэ барсар эбит диэн куораттан үлэһэллэрэ, кэлин Кытайтан сакаастыыр, ону ааһан аҕалан атыылыыр дьон элбээтэ. Сыаната, ортотунан, 700-800 солк.

Сыллата туһанар дьон бу эрэһэ отоҥҥо оруобуна сөп түбэһэр дэһэллэр. Ол эбэтэр отон бэйэтэ эрэһэҕэ хаалар, ото-маһа түһэн хаалар диэн хайгыыллар.

Остуолга сүүрдэр

Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан сир аһыгар сылдьабын. Маҥнай илиинэн ыраастаан сордонорум, кэлин улаата түһэн баран оонньуу ыстаныах баҕаттан  судургу ньыманы тобулбутум – остуол биир уһугун икки атаҕын анныгар мастары ууран, остуол ньууругар таҥаһы саба быраҕан баран отоммун онон сүүрдэрим. Үөһэттэн сүүрдэргэ отоно аллара иһиккэ төкүнүйэн түһэр, туох-баар кыра да бөҕө, ото-маһа таҥаска иҥнэн хаалар. Таҥаһым киртийдэ дии санаатахпына, ылан тэбээн кэбиһэрим. Бүттэ. Бу элбэх отону ыраастыырга туох да ааттаах, тус бэйэм туһаммыт ньымам.

Билигин дьон улахан соҕус (100х50) хортуону отон төкүнүйбэтин курдук икки өттүнэн бүк тутан баран түһэҕэр тутан олорон онон сүүрдэр буолбуттар.

Аппараатынан ыраастааһын

Соҕуруу дойду олохтооҕо дьоҕус отон ыраастыыр тэрили оҥостубут, онтун патеннаабыт уонна  сакааһынан атыылыыр эбит. Көрдөххө бэрт судургу оҥоһуулаахха дылы. Дьэбиннирбэт ылтаһыны отон сүүрбэтин курдук икки өттүнэн бүк туппут уонна анал остуолга хамсаабат гына туттарбыт. Ортотугар үрдэрэр тэрили иилбит. Үөһэ өттүгэр туспа отон кутар, аһыллар-сабыллар иһиттээх. Арыйан кыратык отонун кута түһэн баран сабан кэбиһэр. Отон үөһэттэн ылтаһыҥҥа түһээтин кытта компрессор үрэн бөҕүн көтүтэн кэбиһэр, отоно салгыы аллара сүүрэн иһиккэ барар. Үчүгэйэ диэн компрессорын күүһүн улаатыннаран-кыччатан биэриэн сөп эбит.

Сууйуу

Сорох дьон отону хомуйан баран сууйаллар. Маныаха дириҥ иһиккэ тымныы ууну кутан баран үрдүгэр ытыһынан сэрэнэн баһан ылан отон куталлар. Үрдүгэр дагдайан тахсыбыт бөҕүн, сыыһын баһан ылаллар.

Биллэн турар, маннык ыраастаммыт отону уутун сүүрдэ түһэн баран тута тоҥорор эбэтэр барыанньалыыр ордук.

Илиинэн ыраастааһын

Билигин дьон төһө даҕаны судургу, чэпчэки көрүҥү тобуларга соруммутун иһин, тиэтэйбэккэ, өрүһүспэккэ бытааннык, ыраастык хомуйан аҕалбыт ордук. Ол эрээри, аныгы дьон бириэмэни эккирэтэр аатыран биирдэ баран, төһө кыалларынан, элбэҕи баһан аҕалар баҕалаахпыт.

Урукку курдук дьиэ кэргэн отону үргээн аҕалбыт күннэригэр остуол тула олорон сэлэһэ-сэлэһэ ыраастыырдааҕар ордук ньыма суох. Маннык түгэннэр оҕо саас умнуллубат киэһэлэринэн буолаллара саарбаҕа суох.

Фенынан, компрессорынан үрдэрии

Отон ыраастыырга өссө биир уруккуттан туттуллар  ньыма – фенынан үрдэрии. Нэлэгэр соҕус, балачча үрдүк ­тааска отон кутан баран фенынан үрдэрэллэр. Отоно иһиккэ хаалар, сэбирдэҕэ, бөҕө-сыыһа таас тас өттүгэр көтөн хаалар. Туһугар бэрт толкуй! Фен оннугар компрессоры эмиэ туһаныахха сөп. Билигин үрүллэр мата­раас, бассейн элбэх ыалга баар. Арай, уончалыы биэдэрэни биирдэ ыраас­тыырга хайдах эбитэ буолла, бука, сойута-со­­йута үрдэрэр ордуга дуу.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Суоһалдьыйа Толбонноох» айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ»

Дьокуускай куоракка Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар «Суоһалдьыйа Толбонноох" айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ» диэн ураты кинигэ…

10 минут ago
  • Бэрээдэк

Сауна үлэһититтэн төлөпүөн уорбут дьахтар биэс сылга көҥүлэ быһыллыан сөп

Дьокуускай полициятыгар эр киһи 12 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уордарбытын туһунан иһитиннэрбит диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата…

39 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев: «Бэрэсидьиэн этиитин өйүүбүн»

Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар санаатын үллэһиннэ: -- Арҕааҥҥы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн Психолог күнэ бэлиэтэнэр

Сэтинньи 22 күнүгэр Арассыыйаҕа Психолог күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1994 сыллаахха Арассыыйатааҕы психологическай уопсастыба бастакы…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Дьиэҕэ төннүү» диэн улахан бырайыак саҕаланна»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

1 час ago
  • Быһылаан

Ленскэйгэ киһи өлүүлээх дьиэ баһаара буолла

Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…

2 часа ago