Саха сиригэр 23 тыһ. тахса туонна от бэлэмнэннэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ от ыйын 22 күнүнээҕи туругунан, 34 076 га охсуллубут, 23 148 туонна бэлэмнэниллибит. Окко Уус Алдан (3 352 туонна), Нам (2 963 туонна), Хаҥалас (2 425 туонна), Сунтаар (2 127 туонна) уонна Ньурба (2 104 туонна) улуустара инники күөҥҥэ иһэллэр.
Окко 4380 звено, 12731 киһи, 5581 тыраахтар тахсыбыт.
Санатар буоллахха, Ил Дархан СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр улуустары кытары бииргэ мобильнай биригээдэлэри, ону сэргэ ыраах учаастактартан оту тиэйэн аҕалыыны тэрийэллэригэр соруйбута.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 6 мобильнай биригээдэ үлэлиир. Итинтэн биэһэ Үөһээ Халыма улууһугар, биир биригээдэ Горнай улууһугар үлэлииллэр. Атын улуустарга эбии мобильнай биригээдэлэр тэриллэллэр.
2024 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ от былаана 435 тыһ. туонна, ону таһынан 14,3 тыһ. туонна сенаж уонна 28,9 тыһ. туонна сиилэс.
Пресс-служба Главы Республики Саха (Якутия) и Правительства Республики Саха (Якутия)
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…