Оттооһун: Саха сиригэр үс лидер улуустар билиннилэр
Саха сиригэр 247 тыһыынча туоннаттан тахса от бэлэмнэннэ (ол иһигэр 6 тыһ. тахса туонна от мобильнай биригээдэлэринэн), эбэтэр былаан 57% туолла. Бу туһунан Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Сахая Павлова иһитиннэрдэ.
243 тыһыынчаттан тахса га ходуһа охсулунна. 2230 туонна сиилэс уурулунна, 282 туонна сенаж бэлэмнэннэ. Бастакы миэстэҕэ былааны толоруунан — Нам улууһа (76%), иккискэ — Ньурба (71%), үһүскэ — Ленскэй оройуона (70%) таҕыстылар.
От хампаанньатыгар Саха сирин үрдүнэн 10743 тыраахтар үлэҕэ киирдэ, 3009 механизированнай, 3678 полумеханизированнай, 88 сылгы-илии уонна 2002 илии звенолара үлэлииллэр. От үлэтигэр барыта 25879 киһи кыттар. Ону тэҥэ Саха сиригэр ыраах учаастактарынан 120 мобильнай биригээдэ тэриллэн үлэлиир, ол иһигэр Аммаҕа – 35, Горнайга – 25, Мэҥэ Хаҥаласка — 18, Чурапчыга – 15, Орто Халымаҕа – биэс, Томпоҕо – аҕыс, Тааттаҕа уонна Хаҥаласка — алталыы, Дьокуускайга уонна Хаҥаласка — түөртүү мобильнай биригээдэлэр тэриллибиттэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: