Кыра оҕоҕо үгэни үөрэттэххэ, олус бэркэ уонна түргэнник нойосуус өйдүүр. Дьиктитэ диэн баар, ардыгар өйдүө да суох тылларын ис-иһиттэн ылынарын төрөппүт дьон өйдөөн көрөргүт буолуо.
Билиҥҥи төрөппүт сүрэҕэ суох буолла. Мөҕүтүннэ диэмэҥ. Оҕото тугу эмэ ыйыттаҕына түргэн үлүгэрдик: “Эһээттэн ыйыт! Бар, бабушка билэр!” — дэһэр идэлээхтэр, оонньуута да суох оннук буолбат дуо?
“Айар” кинигэ кыһатыгар урут Алып Чаҕаан диэн Сунтаар төрдүлээх үөлээннээҕим, уруккута учуутал киһи, олус бэрт “Тыл оонньуута” диэн кыра кээмэйдээх кинигэни таһаарбыта. Миэхэ ол баар, наһаа туһанар уонна сөбүлүүр кинигэм. Аны бу соторутааҕыта “Чабырҕахтары” таһаарбыт. Дьэ, махтал буоллун, доҕор, үтүө киһиэхэ -эйиэхэ, учууталга!
Тоҕо итинник этэбиний? Урукку “Тыл оонньуутугар” тылы имитиигэ наһаа үчүгэй хоһоон кэриэтэ хомуйан оҥорбут этиилэрдээх. Устунан киһи бэйэтэ эбэн барыан баҕарыах курдук. Итинник этитэн көрөн үөрэтэ сырыттахха, оҕо устунан тылга араас дэгэттэрин чэпчэкитик таба туттар буолар. Дьэ, оччоҕо ыйыт да ыйыт буолара кэлэр.
Холобур, “Собо саҕа хобо баар” диэниттэн мин биирдэ күлэн турардаахпын. Алып Чаҕаан этиитэ икки өрүттээх. Бастакыта — ити. Иккиһэ: “Хобо саҕа собо баар” диэн. Бүтэһигэр мин ыйытааччы буолбутум: оччоҕо собобут төһө улаханый, хобобут хаччаный? Мөккүөр төрдө буолбута. Хайа күөл быччыкыта төһөтүгэр тиийэ ырытыы этэ. Онон өйү-санааны кытта имитэр, ырытарга ыыры кэҥэтэр бэрт кинигэ бу баар.
“Чабырҕахтар” диэн быйылгы кинигэтэ эмиэ олус табыллыбыт. “Алып чаҕаан аман өс, чабырҕаҕыҥ аанын ас” диэн бэрт баҕайы ыҥырыылаах. Чабырҕах аанын арыйбыт оҕо чобуорхайар, тыла имигэс буолар. Биир тылы саҥаран иһэн, иккис тыла кэлэрин быыс булан толкуйдуу охсор уратыланар. Ол аата “мэйиитин буһарара” төһө эмэ түргэтиир. Итиниэхэ саха оҕотун маннык чабырҕах эрэ такайар.
Чабырҕах былыр-былыргыттан ураты кистэлэҥнэрдээх.
Бастатан туран, оҕо, төһө да уһун тиэкис буоллун, түргэнник өйүгэр хатыырын эрчийэр.
Иккиһинэн, саҥара туран атыны толкуйдууругар үөрэтэр дьиктилээх.
Үсүһүнэн, суоттуур, толкуйдуур кыаҕын уһугуннарар.
Төрдүһүнэн, сирэйин-хараҕын быччыҥын сайыннарар, ол аата уос-тиис имигэһин хааччыйар.
Бэсиһинэн, ыллыыр дьоҕуру иҥэрэр.
Алтыһынан, кулгааҕынан истибитин: дуоһуйбутун-долгуйбутун, соһуйбутун-куттаммытын кыатана туттарга, таска таһаарбат буоларга эрчиллэр.
Онон оҕоҕо кыратыттан чабырҕаҕы сорудахтаан, анаан үөрэттэрэр куолу диибин. Ол туһаттан атыны аҕалыа суоҕа. Алып Чаҕаан тыла-өһө нарыламмыта, судургута, уустуга суоҕа уонна сүһүөхтэринэн ааҕа дьүөрэлэммитэ олус да бэрт! Иннилэрин бэйэлэрэ күөнэр ыччаты ииттэхпит буолуохтун!
Анисим НЕУСТРОЕВ
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…
"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…
Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…
Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…
Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…