Бу күннэргэ М. Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинигэр “Аныгы кэмҥэ аллергия уонна иммунология ыарыыларын быһаарарга уонна эмтииргэ аныгы ньымалар” диэн кэмпириэнсийэ буолла. Улахан тэрээһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин аллергологияҕа уонна иммунологияҕа сулууспатын 40 сылыгар, Мэдиссиинэ национальнай киинин аллергологияҕа, иммунологияҕа отделениетын 25 сылыгар ананна.
Үрдүк категориялаах аллерголог-иммунолог быраас, Дьокуускай куорат доруобуйатын харыстабылын туйгуна, “Оҕо бастыҥ дуоктара” (2010 с.), РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Мария Егоровна Гурьева аллерголог-бырааһынан үлэтин Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһатыттан (Гимеин) саҕалаабыта. 28 сыл устата атын сиргэ харыс да халбарыйбакка, куорат балыыһатын аллерголог-бырааһынан үлэлээтэ. Өр сылларга тэрилтэлэрэ хаста да уларыйан, 2021 сылтан Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһатыгар төттөрү кэлэн үлэлии-хамсыы сылдьар.
Мария өссө оскуола сылларыгар улааттаҕына ким буоларын быһаарыммыта, куукулаларын укуоллаан, эмтээн оонньуурун олус сөбүлүүрэ. Чурапчы орто оскуолатын бүтэрэн баран, 2 сыл Чурапчы улууһун П. Н. Сокольников аатынан Оройуоннааҕы киин балыыһатыгар оҕо отделениетыгар санитаркалаабыта. Икки сыл үлэлээн эрэ баран, үрдүк үөрэххэ киирэр хомсомуол путевкатын туппута. 1986 сыллаахха Алтайдааҕы судаарыстыбаннай мэдиссиинэ институтугар киирэн, ыра санаатын толорон, кини саҕа дьоллоох киһи суоҕа.
Устудьуон көрдөөх сылларын кэмигэр Барнаул куоракка олоҕун аргыһа буолуохтаах Алексей Гурьевы кытары билсибитэ уонна икки сүрэх холбоһон, 1991 сыллаахха бастакы оҕолоро күн сирин көрбүтэ, икки сылынан кыыс оҕо төрөөбүтэ. Онон, дьиэ кэргэн балаһыанньатынан СГУ мэдиссиинэ-эмтиир факультетыгар көспүтэ. Мария Гурьева манна М. В. Ханды, Н. Н. Барашкова, Н. С. Платонова, Н. В. Саввина, О. Н. Иванова курдук убаастанар преподавателларга үөрэммитинэн киэн туттар. Кини үөрэнэр дьоҕус бөлөҕө педиатр бырааһы бүтэрэр бастакы бөлөх этэ.
1996 сыллаахха институтун бүтэрэн, интернатуратын Сайсары уокуругар Анна Алексеевна Наумова кылаабынай быраастаах Оҕо территориятааҕы мэдиссиинискэй отделениетыгар (ДТМО) ааспыта. Бу кэмтэн ыла кырачаан эмтэнээччилэр доруобуйаларын туһугар ыарахан, ол эрэн, махталлаах үлэтэ саҕаламмыта. Бастакы настаабынньыгынан уопуттаах быраас Галина Николаевна Колодезникова буолбута. Мария Егоровна балыыһаҕа ыарыһахтары көрөн баран, ыҥырыыларга тиийэрэ уонна саҥа төрөөбүт кырачааннарга патронаж оҥороро. Ордук ардах кэнниттэн чааһынай дьиэлэргэ тиийэллэригэр ыарахаттары көрсөллөрө. Хас биирдии ыал ыттааҕа эмиэ кутталы үөскэтэрэ.
Мария Егоровна настаабынньыктарын көмөтүнэн доруобуйа харыстабылыгар быраактыкатыгар үчүгэй оскуоланы ааспыта. Төһө да үлэ элбэҕин, исписэлиистэр тиийбэттэрин, хамнас тардылларын иһин, талбыт идэлэригэр бэриниилээх биир идэлээхтэригэр олус махтанар.
Тэрилтэни уларыытынан сибээстээн, 1997 с. ДТМО Елена Никифоровна Лыткина кылаабынай быраастаах, Матрена Сидоровна Павлова сэбиэдиссэйдээх оҕо 6 №-дээх поликлиникатыгар бэриллибитэ. Мария Егоровнаны ДСК-ҕа 31 нүөмэрдээх учаастак педиатр-бырааһынан анаабыттара. Эһиилигэр Елена Никифоровна “сэдэх” исписэлииһинэн үлэлииргэ сүбэлээбитигэр, Мария Егоровна аллергологияны талбыта. Мэдиссиинэ национальнай киинин базатыгар аллергология кэбиниэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо бастакы аллерголог-иммунолог бырааһа Мария Дмитриевна Карымоваҕа быраактыкатын барбыта. Ити кэмнэргэ бронха астмалаах оҕолор сылга 1–2 өйүүр терапия эмтэниитин ааһаллара.
Мария Гурьева 1998 сылтан Дьокуускай куоракка оҕо соҕотох аллергологынан буолбута. Ити сыл Волгоградтааҕы мэдиссиинэ академиятыгар сэртипикээт ылар циклигэр үөрэммитэ. Оҕо соҕотох аллергологынан үлэлиир кэмигэр бронха астматын тииһигэр туттуллар небулайзер Мэдиссиинэ национальнай киинин пульмонологияҕа отделениетыгар эрэ баара. Мария Егоровна дьиэ усулуобуйатыгар оҕо туругун чэпчэтэр туһугар элбэх үлэни ыыппыта. Небулайзеры ханнык балаһыанньаҕа туһанар туһунан ыарыһах оҕолору уонна кинилэр төрөппүттэрин үөрэппитэ. Сүрүннүүр исписэлиистэр кыттыылаах “Аллерго-күннэри” ыытара. Ити кэмтэн ыла бронха астмалаах оҕолор бары небулайзердаммыттара, онон дьиэҕэ астма тииһигин сымнатар кыахтаммыттара. Балыыһаҕа киирии аҕыйаабыта Мария Егоровна сыралаах үлэтин түмүгэ этэ. Кини этэринэн, кэнники сылларга бу абыраллаах тэрили ларингикка, обструктивнай бронхаҕа уо. д.а. туһанар буоллулар.
Билигин от-мас көҕөрө тыллар, сибэккилиир кэмигэр сорох дьон ыарыылара бэргиир, тииһиктэрэ киирэр. Ол эбэтэр, от-мас куоппаһыттан аллергиялыыр (поллинозтаах) дьоҥҥо анал идэлээх Мария Гурьева маннык сүбэлиир:
Поллинозтаах ыарыһахха сүбэлэр:
— Ыарыһах аллергиялыыр үүнээйилэрэ тыллар кэмнэригэр, кыаллар буоллаҕына, атын килиимэттээх (холобур, муора кытылыгар) сиргэ барыахтаах.
— Түннүктэри стеклопакекка уларытыллар;
— Аллергияны көбүтэр мас, үүнээйи сибэккилиир кэмигэр гипоаллергеннай диетаны тутуһуллар;
— Үүнээйи сибэккилиир кэмигэр былааннаммыт эпэрээссийэҕэ киирэртэн туттунуллар. Оттон суһал эпэрээссийэ, чинчийии инвазивнай ньымалара (гастроскопия, бронхоскопия) наада буолан хааллахтарына, булгуччу премедикация оҥоһуллуохтаах: хирургия орооһуутун иннинэ былчыҥҥа 4–8 мг дексаметазон уонна 2,0 мл тавегил бэриллэр;
— Ыарыыны сэрэтэр быһыылартан аккаастанарга мэдиссиинэ туоһутун ылыахтаах;
— пеницилииннээх препараттары иһиллибэт;
— уулуссаҕа тахсарга сирэйгэ үчүгэйдик сыстар ачыкыны (спортивнайы) кэтиллэр: уулуссаттан кэлээт да, атах таҥаһын уларытыллар, душтаныллар, айаҕы сайҕаныллар, хараҕы суунуллар, мурун көҥдөйүн 3–4 төгүл сылаас физиологическай булкадаһыгынан (биир ыстакаан сылаас ууга биир чаайынай ньуоска туус) ыраастаныллар. Мурун көҥдөйүн ыраастыыр фильтрдэр “Доруобуйа табаардара” маҕаһыыҥҥа баар буолаллар;
— Массыынанан айанныырга түннүгү аһыллыбат;
— Дьиэни күн аайы сииктээх тирээпкэнэн сууйуллар-сотуллар.
— Үүнээйи састааптаах косметиканы (мыыла, баттах суунар, кириэм, бальзамнар уо. д.а.) туттуллубат.
Поллинозтаах дьон аллергиялыыллар:
Аллергиялаабыт киһи хайаан да учаастактааҕы бырааһыгар барыахтаах, киниэхэ симптоматическай эмтэниини аныыллар. Аллергенспецифическэй иммуннай терапияны аллерголог-быраас эрэ оҥорор. Онтон АСИТ терапиянан 3–5 сыл устата эмтэнэр.
Билигин мэдиссиинэ сайда турар, сана атын ньымаларынан эмтиир буоллубут. Геннай инженерияны ыарахан туруктаах оҕолорго, улахан дьонно аныыбыт.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…