Салгыы
Отуттан тахса сыл – биир үлэҕэ

Отуттан тахса сыл – биир үлэҕэ

30.12.2024, 13:00
Дмитрий Кузнецов архыыбыттан
Бөлөххө киир:

“Якутскэнерго” ПАУо Киин элэктэриичэскэй ситимнэригэр киирсэр Амматааҕы РЭС кылаабынай инженерэ Дмитрий Кузнецов үөрэҕи бүтэриэҕиттэн  энэргиэтикэҕэ үлэлиир. Онон энэргиэтикэ сайдыытыгар олоҕун анаабыт, көхтөөх уопсастыбанньык Дмитрий Дмитриевич Кузнецов туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

Үлэтин хоту сиртэн саҕалаабыта

Дмитрий Дмитриевич Кузнецов  1967 сыллаахха Амма оройуонун Амма сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Аҕата Дмитрий Кузнецов инженер-мэхээнньик идэлээх, уһун сылларга оро­йуоннааҕы “Сельхозтехника” управляющайынан, ийэтэ Татьяна Степановна оройуон­нааҕы сэбиэт үпкэ управление­тын, нолуок иниспиэксийэтин салайааччытынан үлэлээбиттэрэ.

Дмитрий оскуола кэнниттэн энэргиэтик  идэтин баһылыыр сыаллаах, С.М. Киров аатынан Томскайдааҕы политиэхиньии­чэскэй  институт устудьуона буолбута. 1989 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэн,  онтон ыла олоҕун анаабыт дьыалатыгар  өр сыллаах таһаа­рыылаах  үлэтэ саҕаламмыта.  Ол сыл  атырдьах ыйын 1 күнүттэн  «Якутскэнерго» хампаанньа оччотооҕу Хотугу элэктэриичэскэй ситимнэрин Белогорскайдааҕы ДЭС-гэр электромонтерунан киирбитэ.

Тыа сиригэр, буолаары буолан, хоту сиргэ энэргиэтикэни сайыннарыы үгүс сыраттан турар. Хоту дойдуга уруккулуу дизельнэй ыстаансыйалар турар буоланнар, уматыгы ыраах сиртэн тиэйэн аҕалыы, суукканы эргиччи элэктэриичэстибэ уотунан хааччы­йыы ыарахаттардааҕа. Сайыҥҥы кылгас ыйдарга  навигация кэмигэр аҕалыллыбыт дизельнэй уматыгы, аны кыһын суол турдаҕына олохтоох миэстэлэринэн тарҕатыы эмиэ күчүмэҕэйдэрдээҕэ. Аны нэһилиэнньэлээх пууннар бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи сытар буоланнар, саахал тахсар түгэнигэр ону туоратыыга эмиэ харгыстары үөскэтэрэ.  Ону ол диэбэккэ, эдэр исписэлиис сыллата уопутуран, ити хайысхаҕа баһылыыр-көһүлүүр салайаач­чы буолан, Белогорскайдааҕы ДЭС начаалынньыгынан анаммыта.

Ол сылдьан төрөөбүт Амматыгар эргиллэн кэлэн, олохтоох РЭС-кэ үлэлии киирэр. Амма улууһа сүүрбэттэн тахса нэһилиэнньэлээх пууннаах, уот ситимнэрэ  балачча уһуннар, онон көрүү-харайыы, сыллата өрөмүөн үлэтин ыытыы сыанан-арыынан аҕаабата.

Амматааҕы РЭС-кэ

Д.Д. Кузнецов энэргиэтикэҕэ отуттан тахса сыл эрэл­лээхтик сулууспалаан кэллэ. Кини энэргиэтикэҕэ  бу эйгэ бары салаатын, кэрдииһин ааспыта. Ол курдук,  кини РЭС, ДЭС начаалынньыгынан, үрдүк күүрүүлээх лииньийэ маастарынан, ыстаарсай диспиэччэринэн үлэлээбитэ.

РЭС үлэһиттэрэ ситимнэри кичэйэн көрөллөр, хапытаа­лынай үлэ таһынан, күннээҕи өрөмүөнүнэн эмиэ дьарыктаналлар. Киин электрическэй ситимнэргэ 35 кВ, 110 кВ-таах магистральнай салгын ситимэ уһуна 3,5 тыһыынча килэмиэ­тир баарыттан, сүүһүнэн килэмиэтирэ Амманан ааһар. Манна эбии   кыра күүрүүлээх уот ситимнэрэ өссө көрүүлээхтэр.

Бу сыллар тухары Дмитрий Кузнецов биир идэлээхтэрин кытта  кыһыҥҥы тыйыс тымныыга, сайыҥҥы өҥүрүк ку­­йааска  күнүстэри-түүннэри, өрөбүл, бырааһынньык күннэри аахсыбакка,  улуус хас биирдии олохтооҕо уотунан эрэллээхтик быыстала суох хааччылларын туһугар үлэлээн кэллэ.

Кэлиҥҥи сыллардааҕы үлэтин туһунан кэпсиир буол­лахха, Дмитрий Кузнецов быһаччы кыттыытынан  2022-24 сылларга 110 кВ күүрүүлээх “Сулҕаччы – Элдьикээн” лииньийэҕэ өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта. Бу сылга Амма улууһун бүтүннүүтүн уотунан хааччы­йар 35 кВ «Сулҕаччы — Амма» лииньийэни саҥардыы (реконструкция) үлэтин биир түһүмэҕэ барбыта: Сулҕаччыттан Михайловкаҕа диэри, 18 км устатыгар,  АС-50 боруобаты АС-95 боруобакка уларыйбыта. Үлэ салгыы ыытыллара бы­­лааннанар.

“Ааһан эрэр сылга Амма сэлиэнньэтигэр саҥа тутуллубут, симиэнэҕэ 200 киһи сылдьар кыахтаах поликлиника дьиэтин, эмиэ улуус киинигэр 360 миэстэлээх интэринээттээх-оскуоланы, насоснай ыстаансыйаны уонна да атын социальнай эбийиэктэри уокка холбоотубут”, – диэн Дмитрий Кузнецов быйылгы үлэ хаамыытын туһунан кэпсээтэ.

Дмитрий Кузнецов архыыбыттан
Энэргиэтик Кузнецовтар

Билигин биир салааҕа, буолаары буолан, биир тэрилтэҕэ уһун сыллар тухары бэринии­лээхтик дьиэ кэргэнинэн үлэлии сылдьар дьон аҕыйах буолуохтаах. Олортон биирдэстэринэн бүгүн кэпсиир Дмитрий Кузнецов аймахтара буолаллар. Кузнецовтар династиялара энэргиэтикэ салаатыгар үлэлээбит ыстаастара 70-ча сылга тиийэрин Дмитрий Дмитриевич этэр.

Кини кэргэнэ Мария Филипповна Амматааҕы ДЭС-кэ ГСМ учуотун тиэхиньигинэн 1998 сылтан 2003 сыл­лаахха диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Биэс оҕолоруттан, уоллаах-кыыстара энэргиэтикэҕэ эмиэ быһаччы сыһыаннаахтар.  Уоллара Өрүс тырааныспарын Сибиирдээҕи институтун устудьуона Ярослав каникулун кэмигэр Амматааҕы РЭС-кэ үлэлээбитэ. Кыыстара Татьяна ХИФУ физико-тиэхиньиичэскэй институтун инженер-теплоэнэргиэтик идэтин баһылаан, билигин Нижнэй Новгородтааҕы тиэхиньиичэс­кэй университекка магистратураҕа үөрэнэ сылдьар.

Аны Дмитрий Дмитриевич убайа Петр Харитонович Куз­нецов уон сыл “Якутск­энерго” хампаанньа алын сүһүөх тэрилтэлэригэр инженер-наладчигынан, начаалынньыгынан, генеральнай дириэк­тэри солбуйааччынан үлэлээбитэ.

Биир убайа  Федор Харитонович Кузнецов Амматааҕы РЭС-кэ лииньийэ электромонтерынан, маастарынан, суоппарынан – уопсайа 12 сыл 9 ый үлэлээбитэ. Онтон да атын аймахтара энэргиэтикэ салаатыгар араас сылларга үлэлээбиттэрэ, сорохтор билигин даҕаны үлэ үөһүгэр сылдьаллар.

Уопсастыбанньык

Дмитрий Дмитриевич көхтөөх уопсастыбанньык, төрөөбүт улууһун уонна  тэрилтэтин үгүс тэрээһиннэригэр өрүү кыттар. Бииргэ үлэлиир дьонун өйөбүллэринэн, хаста даҕаны Чапчылҕан нэһилиэгин, оройуоннааҕы сэбиэт  дьокутаатынан талыллыбыта. Күн бүгүн Амма нэһилиэгин сэбиэтин дьокутаата.

Д.Кузнецов Амма сэлиэнньэтин оскуолаларыгар элэктэриичэстибэ уотуттан сэрэхтээх буолууга уруоктары ыытарын туһунан  хампаанньа пресс-сулууспатын исписэ­лиистэрэ махтана кэпсииллэр. Маннык уруоктары оҕолорго мээнэ киһи ылбычча ыыппат. Бастатан туран, оҕолору кытары биир тыл буолуохха наада, иккиһинэн, идэтийбит исписэлиис үлэтин ымпыгар-чымпы– гар диэри билэр киһи буолуох­таах.

Кузнецовтар дьиэ кэргэн үтүө үгэстээхтэр. Сыллата кэргэнинээн Тымныы оҕонньор уонна сиэнэ кыыс­чаан Хаарчаана буолан таҥ­нан-симэнэн, кэллиэгэлэрин оҕолорун, бэтэрээннэри эҕэрдэлиил­лэр, Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттараллар.  Аны сайын хортуоппуй үүннэрэн, күһүн Кырдьаҕастар күннэригэр, Кыайыы күнүгэр, Саҥа дьылга  бэтэрээннэргэ, оҕо приюттарыгар биэрэллэр.

Дмитрий Дмитриевич төһө да күннэтэ эппиэтинэстээх үлэҕэ сырыттар, дьиэлээхтэрин минньигэс аһынан күндүлүүрүн, оннооҕор бэйэтэ халбаһы оҥорорун сөбүлүүр. Дьиэтин тиэргэнигэр амариллис уонна сардаана сибэккини үүннэрэр.

Онон, тыа сирин хоһуун үлэһитэ Дмитрий Кузнецов күн бүгүнүгэр диэри энэргиэтикэ курдук ыарахан салааҕа, эппиэтинэстээхтик, бэринии­лээхтик үлэлии сылдьара эдэр көлүөнэҕэ үтүө холобурунан буолар.

+1
5
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 января
  • -52°C
  • Ощущается: -52°Влажность: 64% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: