Ааспыт сыл түмүктэниитэ, өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн баттаһа, куораппытыгар өссө биир бэлиэ миэстэ –
1946-1951 сылларга Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, 1951-1965 сылларга ССКП обкуомун бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбит, Сахатын сирин сайдыы суолугар таһаарбыт, онуоха бүтүн олоҕун анаабыт бөдөҥ судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл Семен Захарович Борисов искибиэрэ арылынна.
Аныгы кэм архитектуратын ирдэбиллэригэр олоҕуран тутуллубут, толору хааччыллыылаах инфраструктуралаах 202-с, 203-с сэргэх түөлбэлэр ыпсыһыыларыгар улуу сахалар: РНА академига, биир дойдулааҕа Владимир Петрович Ларионов, норуот суруйааччыта, уопсастыбаннай диэйэтэл, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон ааттарынан уулуссалар силбэһэр сирдэригэр Семен Захарович Борисов турар бэйэтинэн пааматынньыга оччотооҕуга ыраламмыт, тутан саҕалаабыт, халлааҥҥа харбаспыт өстүөкүлэ, таас Дьокуускайын, сайдыылаах Сахатын сирин дьоллоох олохтоохторун астына одуулуур, уруйдуур-айхаллыыр курдук.
Этиэххэ наада, С.З.Борисов бэйэтин кэмин, эпохатын утумнаан, уустук, мөккүөрдээх дьылҕалаах лиичинэс буолар. Туох да диэбиттэрин иһин, бэйэтин эпохатын, кэмин патриота. Семен Захарович Борисов уонна кини соратниктара, өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу салалтата дьаһайбыт, үлэлээбит кэмнэрэ – феодальнай аҥаардаах тутуллаах Саха сирин хаалыыттан таһаарыы, атаҕар бигэтик туруоруу, далааһыннаах үүнүү-сайдыы дьуолкалаах суолугар үктэннэрии килбиэннээх кэмнэрэ. Хомойуох иһин, 1920-с
сыллартан 1980-с сылларга тиийэ араас кэмнэргэ күөдьүйтэлээбит нассынаалынай боппуруостарынан эрэпириэссийэ, эккирэтиһии содулугар “хара мэҥнэнэн”, С.З.Борисов аатын, салайбыт кэмин кытта сибээстээх өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын 20-чэ сыллаах устуоруйата “умнууга хаалларыллыбыта” кистэл буолбатах. Ол да иһин, чуолаан Дьокуускай аныгы көлүөнэ олохтоохторо өскүөрүтүн “баартыйа обкуомун
I сэкирэтээрэ” эрэ диэн пааматынньык суругун ааҕаллар. Биһиги куораппытыгар туох үтүөлээх-өҥөлөөх киһиэхэ туруордулар, онто суох, пааматынньыгы туруоруу муода буолан эрэр диэн интэриэһиргии барбаттар.
Ол иһин, бу пааматынньык киһи быданнааҕы 50-60-с сыллартан оччотооҕу симии батары сааллыбыт чуурка уулуссалардаах, хаптаһын тротуардардаах, уу-хаар, бадараан баһыллыбыт суоллаах-иистээх, тарбахха баттанар таратаайка массыыналардаах, буруолаан уһаарар оттуллар оһохтоох мас Дьокуускайы толору хааччыллыылаах таас куоракка уларыта тутуу, онуоха туһааннаах инфраструктура салааларын тэрийэн-үөскэтэн, бүтүн өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар туһаайыы дьаһалларын хайдах сорунуулаахтык олохтообутун, дьайымтыалаах хамсааһыны таһаарбытын куорат олохтоохторун, чуолаан 202-с, 203-с түөлбэлэр олохтоохторун болҕомтолоругар таһаарарга сананным.
Семен Захарович олоҕун бойобуой аргыһа, тапталлаах кэргэнэ, улахан ыал истиҥ-иһирэх ийэтэ, эбэтэ, хос эбэтэ, Сахатын сиригэр тыа хаһаайыстыбата, саха дьонун олохторун уйгута тупсарын, сайдарын туһугар тыа сирин салайар каадырдарын бэлэмнээһиҥҥэ олоҕун анаабыт исписэлиис быһыытынан үлэлээбит саха Далбар Хотуна Мария Егоровна Борисова кэргэнэ өлбүтүн кэннэ, Семен Захарович сырдык аатын үйэтитэн искибиэр олохтуурга, пааматынньык туруорарга төһөлөөх туруоруста, ардыгар атаҕастанна да этэ. Баара буоллар, санаата туолан, астыныа, үөрээхтиэ да этэ…
Мантан салгыы Мария Егоровналыын Семен Захарович туһунан сэһэргэһиибититтэн быһа тардан ааҕааччылар болҕомтолоругар таһаарабын.
“Оччолорго куоракка таас дьиэ тарбахха баттанара. Хапытаалынай тутуу базата, тутуу матырыйаалын оҥорор бырамыысыланнас олох да суох кэмэ. Сүрүн сырьену – цемени Иркутскайтан уу суолунан баарсаҕа тиэйэн аҕалаллара. Семен Захарович этэрэ: “Итинник баарсанан таһан чөкөөхтөтө сырыттахпытына, биһиги куораппытын 100 да сылынан тутуохпут суоҕа”. Онон Мохсоҕоллоохтооҕу цемени оҥорор собуоту тутууну саҕалаппыта. Куораттан ырааҕа суох, суоллаах-иистээх, өрүһүнэн эмиэ сырыылаах, сөп буолар сырьелаах, матырыйааллаах буолуохтаах диэн барытын ааҕан-суоттаан, учуоттаан Мохсоҕоллооҕу талан ылбыттара. Бу эрэ кэнниттэн куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ таас тутуу, КПД сиэрийэлээх толору хааччыллыылаах дьиэлэри тутуу саҕаламмыта. Дьыаланы бэйэтин тус хонтуруолугар ылбыта. Субу-субу тахсан, үлэ-хамнас тэрээһинин, хаамыытын билсэрэ.
Ол кэмнэргэ электроэниэргийэнэн, уотунан-итиинэн, уунан-хаарынан хааччыллыы быстар мөлтөҕө. Баар ыстаансыйа кыаҕа кыра этэ. ЯЦЭС диэки бардахпытына этэрэ: “Ити олох былыргы ыстаансыйа. Итинтикпит алдьанна да, куорат сабыллар. Саҥа, кыахтаах ыстаансыйа тутуутун туруорсуохха наада”. Ол санаатын олоххо киллэрэн, ГРЭС-1 ыстаансыйаны туттарбыта. Сүрдээх элбэх үп-харчы көрүллүбүтэ. ССРС Совминын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, учуонай Вениамин Эммануилович Дымшиц бэйэтинэн кэлэн, тутуу былаанын билсибитэ, быһаарсыбыта.
Ол кэнниттэн Ленинградтааҕы институт учуонайдара, исписэлиистэрэ көрөн-истэн, үөрэтэн баран, сүрдээҕин ыарырҕаппыттара. Биһиги ирбэт тоҥноох сиргэ хаһан даҕаны маннык эбийиэги бырайыактаан көрө иликпит диэбиттэрэ. Онуоха Семен Захарович: “Биһиэхэ ирбэт тоҥу үөрэтэр-чинчийэр аналлаах бүтүн институт баар. Кинилэр эһиэхэ көмөлөһүөхтэрэ”, – диэн боппуруоһу быһаччы быһаарбыта.
Тутуу саҕаланар. Эмиэ биир тыын суолталаах боппуруос үөскээн тахсар: ыстаансыйаҕа ханнык турбинаны туруорабыт диэн. Салалта кэскиллээҕин көрөн, газовай турбинаны туруорарга быһаарар. Оттон учуонайдар, бырайыактааччылар “ол гааскыт баар эрэ, суох эрэ. Хантан, төһө ыраахтан гаас ситимэ тардыллар кыахтааҕый?” диэн саараан, кэтэмэҕэйдээн тураллар. Ол боппуруос, оччолорго үп-ас төһө да кырыымчыгын иһин, сөптөөхтүк быһаарыллан, ГРЭС-пит тутуллан, баччааҥҥа диэри үлэлии, сылааһынан-сырдыгынан хааччыйа, угуттуу-сырдата турдаҕа. Билигин аныгы үйэ ирдэбилинэн өссө кыахтаах ГРЭС-2 тутуллан, куораты, бүтүн өрөспүүбүлүкэни эниэргийэнэн эрэллээхтик хааччыйан эрдэҕэ.
Сотору буолан баран, Бүлүүгэ айылҕа гааһа көстөр. Бүлүүгэ хас да хонук билсэн-көрөн баран, сүрдээҕин санаата көтөҕүллэн кэлбитэ: “Оо, дьэ, геологтар настарыанньа бөҕөлөр. Ол гынан баран, маҥнайгы скважиналарын кыайан бүөлээбэккэ сылдьаллар. Сир анныттан олус күүскэ тэбэр эбит”, – диэн сөҕө-махтайа эппитэ. Ити эрээри, үөһэттэн, РСФСР, ССРС министиэристибэлэрэ Саха сиригэр көстүбүт гаас саппааһын, төһө хостонуллар кыахтааҕын ааҕа, быһаара иликтэринэ үбү-харчыны биэрэ охсубатахтара. ССРС Геологиятын министиэристибэтигэр Антропов диэн тойон киһи баара. РСФСР да тустаах министиэристибэтигэр Саха сиригэр үлэлээн, үүнэн тиийэн үрдүкү дуоһунастарга олорор тойон-хаан дьон өйөбүллэригэр тирэҕирэн, Семен Захарович Бүлүүттэн гаас ситимин утаҕын тардан, туох-ханнык иннинэ Дьокуускай куораты гааһынан хааччыйыы боппуруоһун көтөхпүтэ. Олохтоох геологтар, газовиктар быһаарыыларын, бигэргэтиилэрин өйөөн, араас утарсыылары, саарбахтааһыннары булгуруйбат санаатын күүһүнэн саба баттаан, Кииҥҥэ дакаастаан, ылыннаран, түҥ тайҕа устун 450-ча км усталаах гаас ситимин тардыыга тыһыынчанан үлэһит илиини тардыыга, исписэлиистэри түмэргэ түбүгүрүү бөҕө буолбута. Инньэ гынан, 1967 сыллаахха Дьокуускайга гаас кэлиитин үөрүүлээхтик бэлиэтээбиттэрэ.
Оччолорго Сэбиэскэй Сойууска тырааныспарынан хааччыллыы боппуруостарын Лазарь Моисеевич Каганович дьаһайара. Семен Захарович ытыктыыр, астынар киһитэ этэ. Москваҕа командировкаҕа барарыгар: “Лазарь Моисеевичка сылдьыахтаахпын. Дьэ, уол оҕото, эниэргийэ, суос-ирдэбил кытаанаҕа”, – диирэ. Каганович быһаччы өйөбүлүнэн Саха сиригэр уу суолун араас тырааныспара, бэл, баччааҥҥа диэри уста сылдьар “Кулибин мэхээнньик” теплоход, аныгы сөмөлүөттэр аҕалыллыбыттара. Устунан Дьокуускайга өрүс пуорда, баксаал тутуллубута. Жатайдааҕы, Пеледуйдааҕы суудунаны тутар-өрөмүөннүүр собуоттар тэриллибиттэрэ”.
Дьэ, ити курдук, Семен Захарович Борисов – “ССКП обкуомун бастакы сэкирэтээрэ” диэн суруктаах пааматынньык-киһи, 20 сыл салайбыт Саха АССР-а 100 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар РФ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан “Килбиэннээх үлэ куората” үрдүк аат иҥэриллибит Дьокуускайын уостубат олох тыыннаан аныгылыы сайыннарыыга олук уурбут, түөрэх түһэрбит суолун кылгастык сырдаттахха, итинник.
«Тыһыынчанан уот лаампалар тырымнаһа умайаннар, аспаал иэннээх уулуссалар арылыһа сырдаатылар. Тула сырдыыр, сүрэх ыллыыр, тоҕо бэрдэй, үчүгэйэй уоттаах түүҥҥү Дьокуускай!» Бэйиэт Альберт Бүлүүйүскэй хоһоонугар айыллыбыт ырыаны инньэ 60-70-с сыллартан үгүс көлүөнэ саха дьоно уоспутуттан түһэрбэккэ, баччааҥҥа диэри ыллаан кэллэхпит, тапталлаах куораппыт туһунан ыллыы, бу сүдү киһиэхэ махтана туруохпут буоллаҕа…
Саха дьоно былыргыттан күнү-дьылы билгэлээн, халлаан туругунан сирдэтинэн олороллор. Эһиилги дьыл өҥүн, кураанын эндэппэккэ быһаараллара.…
Быйыл ураты сылаас дьыл буолла. Саҥа дьыл саҕана уонча күн эрэ тымныйбыта. Билигин тумана суох…
Улуустарга ынахтар төрөөн эрэллэр. Эбээн Бытантай улууһугар эмиэ маҥнайгы ньирэйдэр күн сирин көрдүлэр. -- Билиҥҥи…
Ааспыт икки сыл устатыгар байыаннай дьайыыга кыттыбыт дьон 379 дьиэ кэргэттэрин чилиэнэ, ол иһигэр 227…
“Сахаэнерго” АУо Орто Халыматааҕы электрическэй ситимнэрин начаалынньыга Алексей Харитонов: “Үүнэр!” диэн бигэргэтэр. Алексей Викторович лимонун…
Бүгүҥҥүттэн академик В.П.Ларионов аатынан “Инникигэ хардыы” билим-быраактыка кэмпириэнсийэтэ саҕаланна. Быйылгы тэрээһиҥҥэ 44 сиэксийэнэн барыта 1610…