Паасхаҕа сүһүрбэт туһугар сымыыты хайдах кырааскалыахха?
Паасха – христианнарга улахан бырааһынньык. Быйыл Паасха бырааһынньыга бу баскыһыанньаҕа, муус устар 16 күнүгэр, түбэһэр.
Паасханы былыр былыргыттан баайдык-талымнык бэлиэтииллэрэ уонна эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ. Бу күннэргэ хараамнарга ураты сулууспалар ыытыллаллар, өлбүт дьону ахтар-саныыр бобуллар. Үгэс курдук, чэппиэр күн Паасханы көрсө дьиэлэрин бэлэмнииллэрэ: сууйаллара-сотоллоро, урукку уонна наадата суох малы-салы быраҕаллара. Ону таһынан кулич буһарар уонна сымыыты кырааскалыыр үгэс күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэллэ.
СӨ Роспотребнадзор управлениетын исписэлиистэрэ Паасха сымыыттарын хайдах кырааскалыырга сүбэлииллэр.
Туһаныахха:
-Айылҕаттан ылыллыбыт кырааскалыыр биэсэстибэлэри: ханнык баҕарар оҕуруот аһын, фруктаны, отону, күөх үүнээйини уонна туманы туһаныахха сөп. Үксүгэр луук хаҕын, кыһыл сүрэхтээх хаппыыстаны, сүбүөкүлэни, куопаны, шпинат уонна дөлүһүөн сэбирдэхтэрин, күөх чэйи, каркадены, черниканы уонна күлүүкүбэни тутталлар.
-Аһылыктан оҥоһуллубут кырааскалыыр биэсэстибэлэри. Онуоха кырааскалаах биэсэстибэ чахчы аһылыкка туттуллуон сөбүн билиэххэ наада. Паасха сымыытын кырааскалыырга маннык суруктаах биэсэстибэлэр туһаныллаллар: : Е122, Е163, Е110, Е 142, Е132, Е120, Е160, Е181, Е124, Е133, Е131.
Сэрэхтээх буолуҥ:
-Ырыынакка, билбэт киһигититтэн ылбыт кырааскалыыр биэсэстибэни туһанартан;
-Кубарыйбыт сабынан уонна таҥас кубарыйбыт кырадаһынынан кырааскалыыртан;
-Аска туттуллубат кырааскалаах биэсэстибэлэртэн уонна кырааскалартан.
Аска туһаныллыбат уонна хаһан да билбэтэх кырааскалыыр биэсэстибэлэри туһаныы сүһүрүүгэ уонна да атын содулларга тириэрдиэн сөбүн умнумаҥ.
Туһанарга:
-Кырааскалыыр биэсэстибэ тэҥник иҥэрин туһугар кырааскалыах иннинэ сымыыты мыылалаах булкадаһыгынан сотуҥ.
-Сымыыты халыҥ сотейникка буһарыҥ – оччоҕо хайыта ыстаммат. Сымыыттаах уу оргуйбутун кэннэ салҕыы кыра уокка буһарыҥ.
-Иһиккититтэн кырааскаламмыт сымыыты хостоон баран, сымыыты сылаас уунан тыктаран сууйуҥ уонна салфетканан эбэтэр кумааҕы сотторунан куурдуҥ.
-Кырааскалаан бааран подсолнечник арыытынан соттоххутуна, кылабачыгас буолуоҕа.
-Өскөтүн кырааскалаан баран, сымыыты буспут уутугар биир түүҥҥэ холодильникка хааллардаххытына, хаҕын кырааската ордук сырдык буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: