Паасхаҕа сүһүрбэт туһугар сымыыты хайдах кырааскалыахха?

Share

Паасха –  христианнарга   улахан  бырааһынньык.  Быйыл Паасха бырааһынньыга бу баскыһыанньаҕа, муус устар 16 күнүгэр, түбэһэр.

Паасханы былыр былыргыттан баайдык-талымнык бэлиэтииллэрэ уонна эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ. Бу күннэргэ хараамнарга ураты сулууспалар ыытыллаллар, өлбүт дьону ахтар-саныыр  бобуллар. Үгэс курдук, чэппиэр күн  Паасханы көрсө дьиэлэрин бэлэмнииллэрэ: сууйаллара-сотоллоро, урукку уонна наадата суох малы-салы быраҕаллара. Ону таһынан кулич буһарар уонна сымыыты кырааскалыыр үгэс күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэллэ.

 СӨ Роспотребнадзор управлениетын исписэлиистэрэ Паасха сымыыттарын хайдах кырааскалыырга сүбэлииллэр.  

Туһаныахха:

-Айылҕаттан ылыллыбыт кырааскалыыр биэсэстибэлэри: ханнык баҕарар оҕуруот аһын, фруктаны, отону, күөх үүнээйини уонна туманы  туһаныахха сөп. Үксүгэр луук хаҕын, кыһыл сүрэхтээх хаппыыстаны, сүбүөкүлэни, куопаны, шпинат уонна дөлүһүөн сэбирдэхтэрин, күөх чэйи, каркадены, черниканы уонна күлүүкүбэни тутталлар.

-Аһылыктан оҥоһуллубут кырааскалыыр биэсэстибэлэри. Онуоха кырааскалаах биэсэстибэ чахчы аһылыкка туттуллуон сөбүн билиэххэ наада. Паасха сымыытын кырааскалыырга маннык суруктаах биэсэстибэлэр туһаныллаллар: : Е122, Е163, Е110, Е 142, Е132, Е120, Е160, Е181, Е124, Е133, Е131.

Сэрэхтээх буолуҥ:

-Ырыынакка, билбэт  киһигититтэн ылбыт кырааскалыыр биэсэстибэни туһанартан;

-Кубарыйбыт сабынан уонна таҥас кубарыйбыт кырадаһынынан кырааскалыыртан;

-Аска туттуллубат кырааскалаах биэсэстибэлэртэн уонна кырааскалартан.

Аска туһаныллыбат уонна  хаһан да билбэтэх кырааскалыыр биэсэстибэлэри туһаныы сүһүрүүгэ уонна да атын содулларга тириэрдиэн сөбүн умнумаҥ.

Туһанарга:

-Кырааскалыыр биэсэстибэ тэҥник иҥэрин туһугар кырааскалыах иннинэ сымыыты мыылалаах булкадаһыгынан сотуҥ.

-Сымыыты халыҥ сотейникка буһарыҥ – оччоҕо хайыта ыстаммат. Сымыыттаах уу оргуйбутун кэннэ салҕыы кыра уокка буһарыҥ.

-Иһиккититтэн кырааскаламмыт сымыыты хостоон баран, сымыыты сылаас уунан тыктаран сууйуҥ уонна салфетканан эбэтэр кумааҕы сотторунан куурдуҥ.

-Кырааскалаан бааран подсолнечник арыытынан соттоххутуна, кылабачыгас буолуоҕа.

-Өскөтүн кырааскалаан баран, сымыыты буспут уутугар биир түүҥҥэ холодильникка хааллардаххытына,  хаҕын кырааската ордук сырдык буолуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

2 минуты ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

14 минут ago
  • Сонуннар

Нерюнгриттан кэлбит ыалы аймахтара сүтэрбиттэрэ нэдиэлэ буолла

Дьокуускай полицията Юлия уонна Руслан Липадаттары көрдүүр. Кинилэр бу сыл ахсынньы 5 күнүттэн ыла аймахтарын…

15 минут ago
  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

26 минут ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

44 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

1 час ago