Пааспарга сиэн оҕолор суруллуохтарын сөп

Эбээлэр уонна эһээлэр оҕолор төрөппүттэрин көҥүлүнэн сиэннэрин бэйэлэрин пааспардарыгар киллэттэрэр кыахтаах буолуохтаахтар. Бу туһунан ТАСС-ка Уопсастыбаннай балаата демографияҕа, дьиэ кэргэни, оҕолору уонна үгэс буолбут дьиэ кэргэн сыаннастарын көмүскээһиҥҥэ хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Рыбальченко эттэ.
«Биһиги урут икки төрөппүт иккиэн сайабылыанньа суруйдахтарына, пааспарга бэлиэни эбээлэргэ уонна эһээлэргэ эмиэ туруортарыахха сөп диэн көҕүлээһини киллэрэн турабыт», — диэн кини кэпсээтэ уонна бу боппуруоска төннүөххэ наадатын эбэн эттэ.
Рыбальченко санаатынан, ити көмөтүнэн дьиэ кэргэн аҕа саастаах чилиэннэрэ сиэннэрин кытта ханна эрэ (холобур, гостиницаҕа) тохтууллара, ону таһынан араас боппуруостары (холобур, мэдиссиинискэй эпэрээссийэ туһунан) быһаараллара чэпчиэ. Кини этэринэн, бу эбээлэрэ уонна эһээлэрэ оҕону иитэргэ элбэх оҕолоох ыалларга ордук суолталаах. «Дьиҥинэн, үксүн оҕолору кинилэр иитэллэр, тоҕо диэтэххэ төрөппүттэрэ ону мэлдьи кыайан-хотон олорботтор», — диэн балаата чилиэнэ эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: