Панкратиоҥҥа өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа
Бу өрөбүллэргэ, олунньу 10-11 күннэригэр, Дьокуускайга 3-с №-дээх оҕо спортивнай оскуолатын успуорт саалатыгар панкратиоҥҥа өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтэ буолуоҕа. Бу туһунан УФКиМС пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Буолаары турар күрэхтэһиигэ өрөспүүбүлүкэбит күүстээх байыастара кыттыахтара. Бу түмүгүнэн Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата талыллан, Уһук Илин чөмпүйэнээтигэр кытта барыаҕа», — диэн өрөспүүбүлүкэ панкратиоҥҥа федерациятын бэрэссэдээтэлэ Петр Уваров этэр.
Күрэхтэһии икки көрүҥүнэн ыытыллар — төрүт уонна классическай. Панкратионунан алта ыйтан ордук дьарыктаммыт 20 саастарын ааспыт эр дьон уонна дьахталлар кытталлар.
Эр дьон 57, 62, 66, 71, 77, 84, 92, 100 уонна 100-тэн үөһээ ыйааһыҥҥа киирсиэхтэрэ, оттон дьахталлар — 53, 58, 64, 71 уонна 71 киилэттэн үөһээ ыйааһыҥҥа.
Сунтаар, Бүлүү улуустарыттан уонна Удачнай куораттан күүстээх хамаандалар кытта кэлэллэрэ күүтүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: