Парашютист уонна десантник баһаарынайдар сатабылларын тургуталлар

Share

Анал үөрэҕи, бэлэмнэниини ааспыт парашютист баһаарынайдар үһүс күнүн ыстанаары бэлэмнэнэллэр. Ленскэйтэн, Үөһээ Бүлүүттэн, Сунтаартан барыта 30 киһи 12-тэ ыстаныахтаах. 

Таһымы үрдэтэр анал кууруска бары уопуттаах инструктордар үлэлииллэр, инвентардара толору техническэй көрүүнү ааһан, куттала суох түһүүнү хааччыйаллар. Уолаттар бастакы ыстаныыларыгар долгуйбут буоллахтарына, билигин туруктара бөҕөх.

1000 миэтэрэ үрдүктэн парашютист ортотунан 3 мүнүүтэнэн сиргэ тиийэр. Онон үстэ эргийэн кэлэн, утуу-субуу үөһэттэн үстүү-түөртүү киһини ыытан иһэллэр. Халлааҥҥа эргийэ оонньуур парашюттаах дьон, араас албастары оҥорон бэйэ-бэйэҕэ мэһэйдэспэккэ биир туочукаҕа кэлэн түһүөхтээхтэр.

Саамай сүрүнэ — эчэйбэт курдук тыал утары, сиргэ икки атаҕынан тирэнэ түһүөхтээхтэр. Маннык элбэх эрчиллиини ааһан уолаттар ойуур баһаарын умулларыыга үлэлиэхтэрэ.

Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago