Хаартыска: sakha.gov.ru ылылынна
Саха сириттэн Авиалесоохрана 50 парашитиһа, десантнига Забайкалье кыраайыгар көмөҕө бардылар. Онно ойуур баһаарын утары үлэлиэхтэрэ. Бу туһунан СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Хамаандаҕа Дьокуускайдааҕы авиаотделениеттан 27 үлэһит, 11 киһи Амматааҕы авиаотделениеттан уонна 12 баһаарынай Саҥыйахтаахтан саҥа авиаотделениеттан бааллар.
Иһитиннэриллибитинэн, Забайкалье кыраайын сиригэр-уотугар бүгүҥҥү күн туругунан баһаарынан балаһыанньа уустук. Муус устар 8 күнүнээҕи туругунан, үс ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр, уот хаппыт уопсай иэнэ 2 089,5 га, ЧС эрэсиимэ биллэриллибит.
Биэдэмистибэттэн иһитиннэрбиттэринэн, эрэгийиэннэр ыкса сибээстээх үлэлииллэрэ уонна хардарыта көмөлөсүһэллэрэ ойуур баһаарын утары охсуһарга суолталаах. Саха сирин баһаарынайдарын уопуттара Забайкалье кыраайыгар ойуур баһаарын утары охсуһууга көмөлөөх буолуоҕа.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бу күннэргэ Дьокуускайга Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларын түмүктүүр түһүмэҕэ буолан ааста. Арассыыйа 81 эрэгийиэниттэн 292…
Билигин Ийэ дойдубут көмүскэлигэр буола турар байыаннай дьайыы хас биирдиибит сүрэҕин долгутар, дууһатын таарыйар буолуохтаах.…
Мин кэнникинэн олус ыарытыйар буолан хааллым. Онтум төрүөтэ - 2000 сыллаахха “Арчы” элбэх оҕолоохтор кулууптара,…
Аҕыйах хонуктааҕыта Чурапчы улууһун И.Е.Федосеев-Доосо аатынан Дириҥнээҕи агро-оскуолаҕа бэрт сэргэх тэрээһин буолбут. Ол туһунан Хоптоҕо…
Быйыл ыам ыйын 9 күнүгэр Кыайыы 80 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтиэхпит. Бу кырыктаах уоттаах сэрии ыар…
Анаабыр оройуонун Үрүҥ Хайа бөһүөлэгэр баар “ХЭЙРО” этно-култуура киинин дьиэтигэр киирээт, бибилэтиэкэҕэ аастаххына, бибилэтиэкэ үлэһитэ…