Парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспа байыастара парашютунан ыстанарга эрчиллэллэр

Парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспа байыастара парашютунан ыстанарга эрчиллэллэр

21.02.2024, 11:46
Хаартыска СӨ Экологияҕа уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэ пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ Хаҥалас улууһун Нөмүгү сэлиэнньэтин аттыгар баар полигоҥҥа парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспа байыастара парашютунан ыстаныыга эрчилиннилэр диэн СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу күн күн-дьыл туран биэрэн байыастары үөртэ. Салгын температурата сөптөөх буолан, -30С кыраадыска диэри ыстанар көҥүллэнэр. Кыра тыаллаах, сөкүүндэҕэ 3 м түргэннээх, ардыгар сөкүүндэҕэ 7 м тиийэр.
Ан-2 сөмөлүөт биирдэ көтөн тахсарыгар буордугар 10, муҥутаан 11 киһини ылар. Бу сиргэ үс күн устата эрчиллиэхтэрэ.

«Байыастар санаалара бөҕөх, туруоруллубут соругу толорорго бэлэмнэр, — диэн «Авиалесоохрана» тэрилтэ инструктора, салгыҥҥа эрчиллии салайааччыта Андрей Евдокимов кэпсээтэ. «Бүгүн манна үс инструктор баар. Байыастар 1000 м үрдүктэн «Лесник-3» парашютунан ыстаналлар. Биир киһи 5-тэ ыстанар».

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: