Парламеҥҥа сэттис (уочараты таһынан) пленарнай мунньах саҕаланна
Бүгүн, ыам ыйын 28 күнүгэр, парламеҥҥа сэттис (уочараты таһынан) пленарнай мунньах саҕаланна. Пленарнай мунньахха бэбиэскэнэн уопсайа 8 боппуруос көрүллэр, биир боппуруос уһулунна.
Норуот дьокутааттара элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн быраап өттүнэн биир кэлим ыстаатыһын бигэргэтэр уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ социальнай өйөбүл кэккэ дьаһалларын мэктиэлиир, чуолаан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ыстаатыһын болдьоҕо суох иҥэрэргэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын улахан оҕолоро 18 сааһын эбэтэр үөрэх тэрилтэтигэр күнүскү көрүҥүнэн үөрэнэр эбэтэр ыҥырыынан байыаннай сулууспаны бара сылдьар, итиэннэ анал байыаннай дьайыыга кыттар түгэнигэр 23 сааһын туолуор диэри оҥорорго, дойду субъектарын судаарыстыбаннай былаастарын уорганнарын икки ардыларыгар нэһилиэнньэлээх пууннарга баһаары бохсууга боломуочуйаны араартааһын өттүгэр, Саха сиригэр Олимпиада, Паралимпиада, Сурдлимпиада уонна Үтүө Дьулуур оонньууларын чөмпүйүөннэрин уонна призердарын матырыйаалынай өттүнэн хааччыйыыга төлөбүр кээмэйин улаатыннарарга, о.д.а. боппуруостары көрүөхтэрэ.
Мунньах быһа эпиирин бу сигэнэн киирэн көрүөххэ сөп: https://youtu.be/GsmyELTrpsw
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: