Ил Түмэҥҥэ норуот дьокутааттара учууталлар хамнастарын үрдэтиини дьүүллэстилэр. Бэҕэһээ, олунньу 15 күнүгэр, «Совершенствование оплаты труда педагогических работников Республики Саха (Якутия)» диэн бырабыыталыстыба чааһа буолла.
Мунньахха норуот дьокутааттара, ситэриилээх былаас уорганнар, мунипальнай тэриллиилэр, үөрэх уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Бастакынан туһааннаах сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Учуутал уонна уһуйааччы сылын түмүктүүрүгэр учууталлар хамнастарын сайыннарарга уонна сокуонунан уһуйааччыларга эбилик төлөбүр көрүллэрин бэлиэтээбитэ.
Үөрэх уонна билим министиэристибэтин бастакы солбуйааччыта Михаил Присяжнай иһитиннэрбитинэн, 2012 сылтан 2023 сылга диэри учууталлар хамнастара 3,6 төгүл улааппыт. Оттон оҕолорго эбии үөрэхтээһин учууталларыгар — 4,6 төгүл.
Билиҥҥи туругунан улуустарынан хамнас ааҕыыта икки тиһигинэн оҥоһуллар: 285 тэрилтэҕэ – НСОТ (новая система оплаты труда) уонна 349 (отраслевая система оплаты труда) үөрэх кыһатыгар – ОСОТ (отраслевая система оплаты труда).
Миниистир солбуйааччытыгар норуот дьокутааттара элбэх ыйытык биэрдилэр. Иван Луцкан оҕо уһуйааннарын үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтэргэ этии киллэрдэ. Андрей Находкин учууталлар хамнастара үөрэнээччи ахсааныттан тутулуктааҕын, суоҕун туоһуласта. Манна биэдэмистибэ үп-харчы хааччыйыытын отделын салайааччыта Татьяна Жукова учууталларга хамнаска биир тиһик уонна акылаат оҥоһулларын эттэ. Алена Атласова саха тылын уонна литературатын, ону тэҥэ инбэлиит оҕолору кытта үлэлиир учууталлар хамнастарын таарыйда. Иван Данилов үөрэх кыһатын тэрилтэлэригэр сиэри таһынан дириэктэри солбуйааччылар баалларын эттэ. Манна Татьяна Жукова дуоһунастар араастааһыылара көрүллэригэр итэҕэттэ. Георгий Балакшин учууталлар хамнастарын ыстаапкатын улаатыннарыыны ыйытта. Татьяна Жукова этэринэн, быйыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн былаан толорулларыгар эрэннэрдэ.
Түмүккэ Антонина Григорьева бырабыыталыстыба чааһын кыттыылаахтарыгар уонна Үөрэх министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэригэр учууталлар хамнастарын үрдэтиигэ көдьүүстээх үлэлэрин иһин махтанна. Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ сотору кэминэн хамнас үрдэтиигэ уонна уларытыыга оробуочай бөлөх тэриллэрин туһунан эттэ диэн Ил Түмэн пресс-сулууспата суруйар.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038