Бүгүн Ил Түмэн иккис ыҥырыылаах мунньаҕын 25 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла.
Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ саамай эдэр норуоднай дьокутаатын быһыытынан Саха сирин парламеныгар бастакы хардыылары хайдах оҥорбутун, икки ыҥырыылаах дьокутааттар састааптара олус күүстээҕин, үлэтэ көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ.
Кини Михаил Николаев кэнниттэн Саха сирин үс салайааччыта өрөспүүбүлүкэ иккис ыҥырыылаах мунньаҕыттан куорсун анньан тахсыбыттарын ыйда уонна дьокутааттаабыт кэмэ киниэхэ олоҕун оскуолатынан буолбутун бэлиэтээтэ.
— Ил Түмэн дьокутааттара оччолорго Федеральнай мунньаҕы кытта ыкса сибээһи олохтообуппут. Биһиги дойдуга буолар балысханнаах уларыйыылар кыттыылаахтарынан буолбуппут. Өрөспүүбүлүкэбит саҥа үүммүт үйэҕэ сайдыытыгар Саха сирин парламена дьон интэриэһин көмүскүүр былаас сүрүн институтунан хаалыаҕа, — диэн эрэгийиэн салайааччыта бэлиэтээн эттэ.
Ил Дархан бэлиэ тэрээһин кэмигэр Ил Түмэн иккис ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаттарыгар Анатолий Даниловка, Федора Захароваҕа, Александр Ким-Кимэҥҥэ, Афанасий Максимовка, Гаврил Местниковка, Николай Парниковка, Василий Пахомовка, Анна Соловьеваҕа, Афанасий Федоровка Саха АССР 100 сылынан үбүлүөйдээх мэтээллэри туттарда.
Ил Түмэн алтыс ыҥырыылаах мунньаҕын спикерэ Алексей Еремеев Ил Дархан Айсен Николаевка “Саха Өрөспүүбүлүкэтин парламентаризма сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэни туттарда.
Ил Түмэн иккис ыҥырылаах мунньаҕын дьокутааттарын 1997 сыл ахсынньы 28 күнүгэр талбыттара. Парламент икки ыҥырыылаах палааталарын бастакы мунньаҕа 1998 сыл тохсунньу 22 күнүгэр ыытыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ Палататын Бэрэссэдээтэлинэн Василий Филиппов талыллыбыта. Бэрэстэбиитэллэр палааларын салайааччытынан– Николай Соломов. Биэс сыл иһигэр Ил Түмэн иккис ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутааттара 242 сокуону ылыммыттара.
Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан…
Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…
Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…