Салгыы
Судаарыстыбаннай дуума оҕото суох буолууну пропагандалааһыны бобор туһунан сокуон ылынна

Судаарыстыбаннай дуума оҕото суох буолууну пропагандалааһыны бобор туһунан сокуон ылынна

Ааптар:
13.11.2024, 13:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Судаарыстыбаннай дуума  дьокутааттара иккис уонна үһүс бүтэһиктээх ааҕыыга оҕото суох буолууну куйаар ситимигэр, СМИ-гэ, киинэҕэ уонна угуйукка  пропагандалааһыны бобор туһунан сокуон барылын ылыннылар. Ол туһунан Арассыыйа парламенын аллараа балаататын саайтыгар биллэрилиннэ.

Ол иһигэр сокуон РФ Административнай буруйу оҥоруу Кодексатын 6.21 ыстатыйатыгар көннөрүүлэри киллэрэр. Ол курдук, оҕото суох буолууну пропагандалааһын иһин ыстараап көрүллэр: биирдиилээн дьоҥҥо — 400 тыһыынча солкуобай, дуоһунастаахтарга  — 800 тыһыынча солкуобай, юридическай сирэйдэргэ — 5 мөл. солк. диэри. Парламент спикерэ Вячеслав Володин этэринэн, сокуон барыла гражданнары көмүскүүргэ, бастатан туран, үүнэр көлүөнэни куһаҕан дьайыылаах иһитиннэриилэриттэн харыстыырга туһуланар.

Санатан эттэххэ, оҕото суох буолууну пропагандалааһыны бобор туһунан сокуон барыла бастакы ааҕыыга бу сыл алтынньы 17 күнүгэр ылыныллыбыта. Докумуону парламент икки балаататын бэрэстэбиитэллэрэ Вячеслав Володин уонна Валентина Матвиенко салайааччылаах дьокутааттар уонна сенатордар бөлөхтөрө киллэрбиттэрэ.

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: