Парламентскай ассоциация саҥа сокуоннары туруорсарга улахан кыаҕы биэриэ
«Уһук Илин уонна Забайкалье» парламеннарын ассоциацията Ил Түмэҥҥэ мунньаҕын түмүгүнэн Приморскай кыраай Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ, «Уһук Илин уонна Забайкалье» парламеннарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Александр Ролик уонна Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев суруналыыстары кытары көрүстүлэр.
Приморскай кыраай Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ, «Уһук Илин уонна Забайкалье» парламеннарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Александр Ролик:
— Бүгүн 11 араас тиэмэлээх боппуруоһу көрдүбүт. Сүрүннээн экэнэмиичэскэй хайысхаҕа сыһыаннаах боппуруостар турдулар. Биир сүрүн боппуруоһунан субъегы уһук хоту диэн арааран быһаарыы буолар. Биһиэхэ Уһук Илин уокурукка кэккэ субъектарга итинник сирдэр бааллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирэ түөрт сытыы боппуруоһу туруорбутун бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол чуолаан, ваахтабай бөһүөлэктэри бэрээдэктээһин, доруобуйаҕа буортулаах үлэни кытары сибээстээх тэрилтэттэн пенсияҕа тахсыы сааһын кыччатыы, ассоциация иһинэн ыччат парламенын сэбиэтин тэрийии итиэннэ дойду үрдүнэн сытыытык турар, кыылларга иитиигэ эппиэтинстээх сыһыан боппуруостарыгар улахан дьүүллэһии барда. Бу бүтэһик боппуруоска сокуоҥҥа эбиилэри киллэриигэ бэйэбит этиилэрбитин киллэрдибит. Бүгүн биһиги бу сокуоҥҥа иккис ааҕыыга киирэр эбиилэри өйүүргэ бары биир санааҕа кэллибит.
Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев:
— Бүгүн Уһук Илин уонна Забайкалье парламеннарын ассоциациятын нөҥүө боппуроус туруордубут. Тоҕо диэтэххэ, өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ эрэ Судаарыстыбаннай Дуумаҕа бырайыагы киллэрдэҕинэ күүһү кыччыыр, ол иһин маннык 11 субъект аатыттан бу этии бардаҕына, биллэн турар, күүһүрэр. Бу ыарахан боппуруоһунан буолар, тоҕо диэтэххэ, биһиги сир анныттан хостонор баайынан дьарыктанар тэрилтэлэри кытары сыһыаммытыгар ананар. Бастатан туран, көмүһү, гааһы хостооччуларга, ваахтанан үлэлиир бөһүөлэктэргэ туһуланар. Урут 2000-лии тыһыынчалаах бөһүөлэктэр баар буоллахтарына, билигин биһиги улуустарбыт кииннэринээҕэр улахан бөһүөлэктэр баар буоллулар. Ол тэрилтэлэр, бөһүөлэктэр олохтоохторо биһиги айылҕабытыгар, тулалыыр эйгэбитигэр хайдах дьайалларый, ыарыйдахтарына биһиги социальнай тэрилтэлэрбитигэр көрдөрөллөр, атын даҕаны наадаларынан биһиэхэ кэлэллэр, итини барытын бэрээдэктиир кэм кэллэ. Онуоха итиннэ сөптөөх сокуон барылын Ил түмэн бэлэмнээтэ уонна көдьүүстээх буоллун диэн бу ассоциация нөҥүө киллэрэн эрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: