Паром сырыыта тохтуу илик (ВИДЕО)
Бүгүн, сэтинньи 2 күнүгэр, сарсыарда 8 ч.50 мүн. араас көлөнү толору тиэммит паром Аллараа Бэстээхтэн Дьокуускай туһаайыынан айаннаата.
Суоппардар паромҥа массыына миэстэтин сыаната үрдээбититтэн соһуйдулар. Сайын — 800 солк., бэҕэһээ паром сыаната 2900 солк эбит. Оттон бүгүн сарсыарда таксибыт суоппара 3500 солк. төлөөтө. Пассажирдарга сыана уларыйбатах — 200 солк. «Хивустар» тохтоло суох айанныыллар. Сыаналара — 1500 солк.
Үлэһиттэр бэлиэтииллэринэн, паром үлэтин хаһан тохтоторо биллибэт. Бүгүн күнү быһа сырыттылар. Эбэ билигин да уста сытар. Массыыналар тохтоло суох айанныыллар.
Күн-дьыл туран биэрэн, «Халыма» федеральнай трассатынан айанныыр дьон абыраннылар. Алдан Эбэни «хивустар» туоратар буолан, Томпо улууһуттан куораттыыр дьон, Дьокуускайтан Томпону ааһа барар дьону икки өттүттэн таксилар бэйэ-бэйэлэригэр «бэрсиһэллэр». Итинник айан судургутук «стыковка» дэнэр. Мин маннык айаннаан, хаайтарыы саҕана «стыковка» олус табыгастаах айан буоларын бэлиэтээтим.
Дьиктитэ баара, быйыл сайын уунан айан сезонун РТ-456 паромунан айаннаан «аспытым». Бүгүн ити паромунан түмүктээтим. «Паромнары биэс тарбах курдук билэр эбит дуу?» диэн сонньуйуохха сөп курдук. Бастаан айаннаабыт пароммун буфетынан биллим. Сайын манна Александра Сидорованы кытта кэпсэппитим. Ол репортааһым дьоруойа «миигин сүтэримэ» диэбиттии, телеграмҥа тахсыбыт матырыйаалга ааҕан баран, батсааппар маннык суруйбут: «Мин билигин да паромтан тахса иликпин, үлэлии сылдьабын. Билигин Бэстээххэ баарбыт. 9-с уонна «Капитан Леонтьев» паромнар бу хоҥноору тураллар. Ити кинилэр быйылгы дьылга бүтэһик эриэйистэрэ. Эһиилги сайыҥҥа диэри миэстэлэригэр тиийэн тураллар. РТ-456 уонна СП-858 паромнар хаалаллар. Бүгүн сылдьан баран, сарсын турарбыт дуу, айанныырбыт дуу биллибэт. Бэҕэһээ түөрт паром үлэлээбитэ. Бүгүн икки тиийэн миэстэтигэр турда. Икки паром хаалла эрээри, сарсын үлэлиирбит-үлэлээбэппит биллэ илик».
Дьэ, кырдьык, урукку кэмҥэ парому «сэтинньигэ диэри сылдьыа» диэтэхтэринэ, итэҕэйиэ суох этибит…
Елена ПОТОЦКАЯ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: