Паром тарыыба үрдүө дуо?
Бэрт сотору кэминэн өрүс мууһа турарын саҕана паром сырыыта лаппа аҕыйыаҕа. Судоходнай балаһыанньа кытааттаҕына тарыып төһө үрдүөҕэй? Бу туһунан СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Саргылаана Матвеевалыын кэпсэттибит.
Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан сылдьар паромнар тарыыптара 2016 сыллаахха олохтоммут туругунан хааларын туһунан Саргылаана Матвеева иһитиннэрдэ.
Дьоҕус массыыналарга тарыып кинилэр ыйааһыннарынан олохтонор. Холобур, 1,1-тэн 1,5 туоннаҕа диэри 1100 солкуобай, 1,6-тан 2 туоннаҕа диэри 1920 солкуобай, 2-тэн 2,5 туоннаҕа диэри 2485 солкуобай, 2,5-тэн 3 туоннаҕа диэри 2940 солкуобайы ылыахтара.
Таһаҕас тиэйэргэ аналлаах массыыналарга тарыып араас. Газелларга 3450 солкуобай, «ГАЗ” кылаастаахтарга 7870 солкуобай, “ЗИЛ” (бортовойга) 12710 солкуобай, “Урал”, “КАМАЗ”, “МАЗ” (бортовой) көлөлөргө 27365 солкуобай.
Таһаҕаһы тиэйээччилэр тарыыптарын бэйэлэрэ олохтууллар. Ол эрээри, кинилэр СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ бигэргэппит тарыыптарыттан сыананы үрдүгүнэн быһыа суохтаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: