Паромнар ыам ыйын 22-25 күннэриттэн сылдьыахтара
Ыам ыйын 22-25 күннэриттэн Өлүөнэ өрүскэ паром сылдьан саҕалыаҕа. Бу туһунан Саха сирин тырааныспарка министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. «Паромы Якутии», «ЛОРП», «Ассоциация строителей АЯМ» уонна «Транс-Сервис» хампаанньалар барыта холбоон 15 уу аалын өрүскэ таһаарарга бэлэмнииллэр.
Паромнар сылдьар кэмнэрин, төлөбүр кээмэйин туһунан “Паромы Якутии” төлөпүөн сыһыарыытыгар билиэххэ сөп. Ону таһынан бу сыһыарыы көмөтүнэн электроннай төлөбүр оҥорон билиэти атыылаһыахха сөп буолуоҕа. Төлөбүрү оҥорууга өссө биир саҥа ньыма бэлэмнэнэр – от ыйын 20 күнүттэн паромҥа киириигэ төлөбүр терминаллара туруоруллуохтара.
Министиэристибэ этэринэн, паром тиксэр сирдэригэр алта балаһалаах киирии суол баар буолуоҕа. Лиссиэнсийэлээх таксилар туспа уочаратынан ааһыахтара. Билигин ити сиргэ светофор, шлагбаум, туалет баар буолбут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: