Нам улууһун Партизан нэһилиэгин салалтата анал бырагыраамаларынан олохтоохтук үлэлэһэрэ дьаһалта баһылыгын хоһугар киирээккин кытта харахха быраҕыллар.
Ол курдук, биир истиэнэ толору граннарга кыайыы туоһулара — кубоктар, сэртипикээттэр, кырааматалар.
Баһылыгы солбуйааччы Полина Иванова бэлиэтээбитинэн, бырагыраамаҕа үлэлэһии кистэлэҥэ — баһылык Алексей Зырянов үһүс болдьоҕор үлэлээһинэ, кини хамаандата үһүс сылын биир хайысханан үлэни аттарара.
— Бииртэн биир бырагыраамаҕа кыттан истэхпит аайы, «амтаһыйан» иһэбит. Бастаан Ыччат министиэристибэтин гранынан уу баһар массыынаны ылбыппыт. Онтон улуус дьаһалтатын уонтан тахса граныгар кыайан барбыппыт. Бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматыгар (ППМИ) киирсэн, нэһилиэкпитин сырдатыыга үбүлээһин граныгар тиксибиппит. Онтон — уу турбата, суолбут. Ити курдук, граннар да, ситиһиилэр да сиэттиспитинэн кэлэн иһэллэр. Аны саамай киэн туттуубут — быйыл киириэхтээх «Мыымах кыбартаала». Бу элбэх оҕолоохторго, эдэр ыалларга анаабыт 50 учаастактаах кыбартаалы тутууга 5 мөлүйүөн 600 тыһыынча солкуобайы «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» бырагырааматыгар киирсэн, субсидия ылбыппыт. Үс болдьох устата бырагыраамаларга, граннарга «киирсэргэ» үөрэннибит. Быйыл өссө хас да бырагыраамаҕа анньыһарга бэлэмнэнэбит, — диэн санаатын үллэһиннэ баһылык солбуйааччыта Полина Иванова.
Онон «бу нэһилиэги кытта чугастык билистэххэ табыллар эбит» диэн санааҕа кэлэн, сотору кэминэн манна командировкаҕа тиийэргэ болдьостум.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…