Пасха иннинээҕи нэдиэлэ туох суолталааҕый?

Пасха иннинээҕи нэдиэлэ туох суолталааҕый?

01.05.2024, 14:00
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Быйыл православнай итэҕэллээхтэргэ Пасха бырааһынньыга ыам ыйын 5 күнүгэр бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньык иннинээҕи нэдиэлэ «Страстная неделя» диэн ааттанар. Бу нэдиэлэ туох суолталааҕый, Иисус Христос тиллибит улуу бырааһынньыгар бэлэмнэнии хайдах ыытылларый?

Хаартыска: СИА.
«Страсти» диэн тыл «страдания» диэн суолталаах эбит. Тыыннаахтыы кириэскэ тиириллибит Иисус Христос олоҕун бүтэһик күннэригэр көрсүбүт эрэйин-муҥун көрдөрөр. Онон бу нэдиэлэ хас биирдии күнэ ураты суолталаах. Бу кэм Пасхаҕа — Христос тиллиитигэр бэлэмнэнии курдук буолар. Бу нэдиэлэҕэ сибэтиэйдэр күннэрин бэлиэтээбэттэр, оҕону сүрэхтээһини, ыал буолуу, бэргэһэлэнии сиэрин-туомун ыыппаттар.

Улуу бэнидиэнньик — бу күн таҥара дьиэлэригэр «Эргэ Кэс тыл» кинигэттэн устуоруйалары ахталлар. Патриарх миро диэн сибэтиэй арыыны буһаран саҕалыыр. Бу арыы үс күн буһарыллар, састаабыгар 50 көрүҥ араас арыы, от, сымала баар буолар. Бу арыыны сибэтии гынан баран, дойду үрдүнэн епархияларынан түҥэтэллэр.

Улуу оптуорунньук — православнай итэҕэллээхтэр бу күн Иисус этиилэрин ахталлар, саныыллар. Кини иккистээн тиллибит улуу күнүгэр бэлэмнэнэллэр.

Улуу сэрэдэ — Библияҕа этиллэринэн, бу күн Иуда Христоһу таҥнарбыт. Ону тэҥэ, айыылаах-харалаах дьахтар кэлэн, Христос атаҕын сууйбут. Онон бу түбэлтэлэри ахтан-санаан, таҥара дьиэтигэр бокулуоннуу-бокулуоннуу мэлииппэлэри ааҕаллар, айыыларын-хараларын этинэллэр. Бу күн Иисус Христос дьон айыытын-харатын бырастыы гынар диэн итэҕэйэллэр.

Улуу чэппиэр — «Евангелиеҕа» суруллубут кистэлэҥ түмсүүнү, «Тайная вечеря» киэһэни ахталлар. Бу күн Христос үөрэнээччилэрин (апостоллары) кытта бүтэһигин аһаабыта. Онон таҥара дьиэтигэр литургия кэмигэр 12 аҕабыт (апостол) атаҕын сууйаллар. Бу күнү норуокка «Ыраас чэппиэр» диэн ааттыыллар, Пасхаҕа бэлэмнэнэн, дьиэлэрин хомуйаллар, сууналлар-тарааналлар,  сымыыттары кырааскалыыллар, куличтары буһараллар.

«Страстная пятница» — бу күн христианнар кириэскэ тиириллибит Иисус Христос эрэйин-муҥун саныыллар. Кини аан дойдуну таптыыра бэрт буолан, дьону быыһаары өлөрүн, эрэйдэнэрин кэрэйбэккэ, өстөөхтөрүгэр киирэн биэрбитэ.

Улуу субуота — Иерусалимҥа Христос тиллиитин храмыгар бу түүн сибэтиэй уот умайар. Бу уот аан дойду үрдүнэн тарҕанар. Сырдык Пасха бырааһынньыга саҕаланар, таҥара дьиэлэригэр сулууспалар буолаллар,  куличтары, сымыыттары сибэтии гыналлар.

Хаартыска: СИА.

Бу нэдиэлэ устата христианнар куһаҕаны санаабаттар, оҥорботтор, үөхсүбэттэр, айыыларын-хараларын этинэллэр, мэлииппэ ааҕаллар, дьоҥҥо көмөлөһөллөр, таҥара дьиэтин сулууспатыгар сылдьаллар. Эти, үүтү, сымыыты сиэбэттэр, бээтинсэҕэ букатын аһаабаттар. Бу курдук кинилэр ыраастаналлар, улуу бырааһынньыкка — Пасхаҕа бэлэмнэнэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: