Пасхаҕа минньигэс килиэби астыыллар

Share

Пасха күн үгэс быһыытынан сымыыты кырааскалыылар, кулич астыыллар.

Цилиндр оҥоһуулаах бурдук ас Таҥара килиэбинэн (артос)  биллэр. Ол  эбэтэр кулич  —  Христос өлүүнү кыайбытын туоһута, саҥа олох түстэнэр бэлиэтэ.

Библия чахчытынан, Христос өлбүтүн кэннэ апостоллар аһыы олорон,  киин олбоххо киниэхэ анаан хайаан да миэстэ хааллараллар эбит. Онно Христос тыыннааҕын бэлиэтиир кириэс уонна артос (Таҥара килиэбэ) ууруллара үһү. Бу сиэртэн-туомтан саҕыллан, «кулич» диэн ураты килиэп астанар буолбут. Таҥара бырааһынньыгар ыал аайы Христоһу кэриэстиир минньигэс килиэби астаан эбэтэр атыылаһан хайаан да сииллэр. Быраабыла быһыытынан бу килиэп астанар кэмигэр дьиэҕэ уу-чуумпу буолуохтаах. Былыр дьон Пасха килиэбэ астанар кэмигэр тоҥсуйбаттар, түннүгү-үөлэһи лигиччи сабаллар, сибигинэһэн кэпсэтэллэр эбит.

Пасха килиэбэ — кулич ыал аайы или-эйэни, дьолу-соргуну, үтүө доруобуйаны түстүүр. Былыр былыргыттан бу күн кулич амсайбыт дьону Таҥара арчылыыр, олох уустук түгэннэриттэн харыстыыр диэн өйдөбүл баар. Онон дьон бары кулич амсайарга дьулуһаллар.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

26 саастаах дьахтарга холуобунай дьыала көбүтүлүннэ

Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт  Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…

8 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын хамаандалара «Путь воина» күрэхтэһии кубогын иһин киирсиэхтэрэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөнү уорбут

Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Өбүгэлэрбит хаһаас астара

Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир

Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен  Николаев уонна СӨ…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга снайпердар турнирдара буолуоҕа

Алтынньы 3-5 күннэригэр Дьокуускайга "Сулус" полигоҥҥа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков аатынан "Бойобуой снайпинг" дьиссипилиинэҕэ…

10 часов ago