Ил Дархан Айсен Николаев бүгүҥҥү Анал этиитигэр ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ тохтоон ааста.
— Аҕа көлүөнэ сүбэтэ, уопута уонна холобура – ыччакка духуобунас, майгы-сигили хаачыстыбаларын, патриотизмҥа иитиигэ сүрүн төрүөтүнэн буолар. Саха сиригэр патриотическай иитии уопсастыбаннай сүрүн быһаарыыны ылар диэн этэр бырааптаахпыт. Ол эрээри, күн бүгүн куттал үөскээтэ. Сорох ыччат төрөөбүт дойдутуттан тэйэргэ сорунар, устуоруйабытын, үгэстэрбитин уонна ис дууһа сыаннастарын ылыммат. Ол иһин билигин биһиги төрөөбүт дойдуга тапталга, нэһилиэстибэбитигэр ытыктабылга уһуйар баҕа өттүнэн түмсүүлэри, көҕүлээһиннэри өйүүр соруктаахпыт. Улуустар таһымнарыгар бары патриотическай хамсааһыннар кыттыылаахтарын түмэн, систиэмэлээхтик сыһыаннаһар суолталаах. Онон #МыВместе хардарыта көмөлөсүһүү Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа ыстаабын, оҕо уонна ыччат хамсааһынын Арассыыйатааҕы салаатын үлэтигэр көмөлөһөр инниттэн, 2023 сылтан бырабыыталыстыба улуустарга уонна куорат уокуруктарыгар куонкуруһунан 100 мөл. солк. диэри уопсай суумалаах субсидияны көрөрүгэр көрдөһөбүн, — диэн эттэ.
Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…
СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…
Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…