«Патриотическай» ТОР резиденнэрэ байыаннай тиэхиньикэни ыыталлар
Саха сиригэр «Патриотическай» урутаан сайдар сир резиденнэрэ «Якт Сокол» вездеходтары, «Тимир Ат» электроматассыыкыллары, «Хотой 10» FPV дроннар уочараттаах баартыйаларын оҥорон таһаарыыга ылсаллар.
СӨ гражданскай оборуонаҕа, нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга миниистири солбуйааччы Яна Наумова брифиҥҥэ иһитиннэрбитинэн, бу тиэхиньикэ РФ Сэбилэниилээх күүстэригэр тиэрдиллэр.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын анал тэриллэринэн, тиэхиньикэнэн хааччыйар тэрээһиннэр салҕаналлар.
— Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап бу нэдиэлэҕэ таһаҕас тиэйэр тиэхиньикэни, массыыналары, гуманитарнай көмөнү уонна байыастарга тус баһыылкалары ыыппыта. Байыаннаай дьайыы байыастарыгар анаан үрдүк технологиялаах байыаннай тиэхиньикэни атыылаһыы салҕанар, — диэн Яна Наумова кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: