Патриотическай тыыҥҥа иитэр оскуола тиэргэнигэр
Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларыгар бу саас сылдьан турардаахпын.
Оччолорго саҥа оскуола бастакы да этээһэ ситэ бүтэ илигэ. Саҥардыы цокольнай этээстэри бетоннуу сылдьаллар этэ. Бүгүн, хас да суруналыыс буолан Дьокуускай куорат биир уһугар, Мархаҕа, кадеттар үөрэнэр оскуола-интэринээттэригэр тиийдибит. Тиэргэҥҥэ урукку тутуулартан икки этээстээх саҥатык дьиэ хаалбыт. Ити дьиэҕэ оскуола дьаһалтата, бибилэтиэкэ уонна оҕолор интэринээттэрэ баар. Билигин итиннэ оҕолор олорботтор. Оскуола тутуллуор, хаһан үлэҕэ киириэр диэри бары Дьокуускай куорат Марха түөлбэтин 32-с №-дээх оскуолатыгар үөрэнэллэр.
Үлэ күөстүү оргуйар
Тутулла турар оскуола иһинэн, таһынан оробуочайдар, тутааччылар тигинэччи үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кимнээх эрэ оскуола ис бараанын номнуо сыбыы, кимнээх эрэ тас өттүн хаттыгаһын оҥороллор, оттон сорохтор оскуола тиэргэнин аспаалын тэлгииллэр. Биһигини дириэктэр Алексей Корякин, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Дария Кириллина көрүстүлэр. Ааспыт саас сылдьарбар оскуола тиэргэнигэр эргэ көтүрүллүбүт тутуулар чөмөхтөрө кыстанан сыталлара. Билигин барытын ыраастаан кэбиспиттэр, киэҥ тиэргэҥҥэ оҕолору байыаннай дьайыыга бэлэмниир, тургутугу ааһар ол-бу араас дьарыктанар тэриллэр оҥоһуллуохтаахтар эбит. Маны сэргэ, оскуоланы кытта сыста аны сотору кэминэн интэринээт тутуллуохтаах эбит. 2024 сылга үс этээстээх 200 миэстэлээх үөрэнэр куорпус, ону сэргэ 125 миэстэлээх интэринээттээх оскуола тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. Тутууну ХЭТ “ТСК+» тэрилтэ ааспыт сыл сэтинньититтэн тута сылдьар.
Тутуу хаамыытын туһунан оскуола дириэктэрэ Алексей Корякин санаатын үллэһиннэ:
– Оскуолабытыгар уопсайа 7-11 кылааска диэри өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 140 оҕо интэринээккэ олорон үрдүттэн үөрэнэр. Инникитин оҕолору бэһис кылаастан оскуолаҕа ылар туһунан былаанныыбыт. Кэлэктииппитигэр уопсайа 40 учуутал үлэлиир. Оскуолабыт тутуллан үлэҕэ киирдэҕинэ, былаан элбэх, ол курдук “Основы военной службы” диэн биридимиэт ыытыллар. Бу биридимиэт бырагыраамата РФ Конституциятын уонна “Үөрэх туһунан” Федеральнай сокуон чэрчитинэн ыытыллар. РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин көҕүлээһининэн, 59 тыһыынча нэһилиэнньэлээх куораттарга “Авангард” байыаннай-патриотическай кииннэрин тэрийии туһунан үлэ ыытыллар. Биһиги оскуолабыт иһинэн үлэлиир «Авангард” байыаннай-патриотическай үөрэтэр-методическэй киин туох баар байыаннай-патриотическай хайысханы, “Юнармия” салааларын уонна байыаннай-патриотическай иитиигэ үлэлэри тэрийэр. Барыта биир сиргэ, оскуолабыт тиэргэнигэр үлэлэр ыытыллар буолуохтара. Оскуолабыт үлэҕэ киирдэҕинэ специализированнай кылаастар баар буолуохтара. Ол курдук байыаннай үөрэххэ бэлэмнэнии, буулдьанан ытыы тирын о.д.а. былаанныыбыт. Оскуолабытыгар байыаннай патриотизмҥа сыһыаннаах түмэл арыйыахпыт дии саныыбыт. Биһиги оскуолабыт байыаннай үөрэх киинэ буолуоҕа. Тиэргэммитигэр оскуола эрэ тутулла турбат. Бүтүн оскуола тиэргэнэ барыта оҥоһулла сылдьар. Ол курдук улахан плац баар буолуоҕа. Маннык киэҥ, улахан плацтар оннооҕор байыаннай чаастарга даҕаны суохтар. Ону сэргэ байыаннай-полевой үөрэххэ бэлэмнэнии былаһаакката, оскуола кэннигэр аныгылыы стадион баар буолуоҕа. Оскуола иһигэр тренажердар, успуорт саалата, тустуу саалата, быһата, оҕо үөрэнэригэр уонна дьарыктанарыгар бары усулуобуйа тэриллиэҕэ.
Байыаннай тиэхиньикэлэр
Оскуола тиэргэнигэр арай уруккутунан хамсаабакка байыаннай тиэхиньикэлэр тураллар. «Авангард” кииҥҥэ байыаннай тиэхиньикэ 14 көрүҥэ кэлбитэ. Бу кэлбит байыаннай тиэхиньикэ аҥаара Кадетскай оскуолаҕа уонна куораппытыгар, Кыайыы болуоссатыгар өйдөбүнньүк быһыытынан туруоруллубута.
Санаа
Ольга Ильинична Тимофеева, Кадеттар оскуолаларын төрөппүтэ:
– Мин иитэр дьиэ кэргэн ийэтэ буолабын. Тулагы-Киллэм диэки чааһынай дьиэҕэ олоробут. Биһиги уон уолу иитэбит. Ыһыллан хаалбыт ыал, араас дьылҕалаах оҕолорун иитэргэ анаан туспа уһаайба ылан, дьиэ-уот туттан тэриммиппит. Оҕолорбутун айылҕаҕа чугаһатан иитэр ордук дии саныыбыт. Улахан уолбут билигин аармыйаҕа сылдьар. ДОСААФ-тан массыына ыытар быраабы ылан барбыта. Билигин КАМАЗ-ка суоппардыыр, сотору кэминэн Ростов куоракка барыахтаахтар. Бу оскуолаҕа сэттис кылаастан Костя Корякин диэн уолбут үөрэнэр. Оҕобут биһиэхэ уон саастааҕар иитиллэ кэлбитэ. Номнуо бэйэбит оҕобут буолбута ыраатта. Майгыта-сигилитэ бу оскуолаҕа барсыан сөп диэммит биэрбиппит. Бэйэтэ тустуунан дьарыктанар. Дьокуускайдааҕы ДЮСШ 3 үчүгэй баҕайы тириэньэрдэргэ үөрэммитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэтин ыйааһыныгар ситиһиилэрдээх. Аҕабыт успуордунан эдэр сааһыттан хойукка диэри дьарыктаммыт буолан биир ситимнээхтик Костябытын бу оскуолаҕа киирэригэр бэлэмнээбитэ. Ол иһин бу оскуолаҕа киирэригэр эт-сиин, өй-санаа өттүнэн бэлэм оҕо кэлбитэ. Оҕобут салгыы ханнык идэни ылыан сөбүн туһунан кэпсэтэбит, хасыһан үөрэтэбит. Кини байыаннай буоларга бэлэмнэнэр. Быйыл Уһук Илин диэки ханнык үөрэх кыһалара баалларын билсиэхпит уонна дьэ, сыал-сорук туруорунан ханнык үөрэххэ киирэрбитин быһаарыныахтаахпыт. Кадеттар оскуолалара оҕону бэрээдэккэ, эппиэтинэстээх киһи буоларга бэлэмниир дии саныыбын. Биһиги уолаттары иитэр ыал буоларбыт быһыытынан, кадеттар оскуолаларыгар туох кыахтаахпытынан күүс-көмө буола сатыыбыт. Оскуола тутулла турарыттан наһаа үөрэбит, үлэҕэ киирэрин күүтэбит. Толору хааччыллыылаах буолар, оҕобут саҥа сокуолаҕа балтараа сыл саатар үөрэниэ диэн үөрэбит. Кадеттар сокуолалара уолаттары чахчы патриотическай тыыҥҥа, дьиҥ эр киһилии иитэр диэн сыаналыыбын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: