Патриотическай тыыҥҥа иитэр оскуола тиэргэнигэр

Share

Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларыгар бу саас сылдьан турардаахпын.

Оччолорго саҥа оскуола бастакы да этээһэ ситэ бүтэ илигэ. Саҥардыы цокольнай этээстэри бетоннуу сылдьаллар этэ. Бүгүн, хас да суруналыыс буолан Дьокуускай куорат биир уһугар, Мархаҕа, кадеттар үөрэнэр оскуола-интэринээттэригэр тиийдибит.  Тиэргэҥҥэ урукку тутуулартан икки этээстээх саҥатык дьиэ хаалбыт. Ити дьиэҕэ оскуо­ла дьаһалтата, бибилэтиэкэ уонна оҕолор интэринээттэрэ баар. Билигин итиннэ оҕолор олорботтор. Оскуола тутуллуор, хаһан үлэҕэ киириэр диэри бары Дьокуускай куорат Марха түөлбэтин 32-с №-дээх оскуолатыгар үөрэнэллэр.

Үлэ күөстүү оргуйар

Тутулла турар оскуола иһинэн, таһынан оробуочайдар, тутааччылар тигинэччи үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кимнээх эрэ оскуола ис бараанын номнуо сыбыы, кимнээх эрэ тас өттүн хаттыгаһын оҥороллор, оттон сорохтор оскуо­ла тиэргэнин аспаалын тэлгиил­лэр.  Биһигини дириэктэр Алексей Корякин, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Дария Кириллина көрүстүлэр. Ааспыт саас сылдьарбар оскуо­ла тиэргэнигэр эргэ көтүрүллүбүт тутуулар чөмөхтөрө кыстанан сыталлара. Билигин барытын ыраастаан кэбиспиттэр, киэҥ тиэргэҥҥэ оҕолору байыаннай дьайыыга бэлэм­ниир, тургутугу ааһар ол-бу араас дьарыктанар тэриллэр оҥоһуллуох­таахтар эбит. Маны сэргэ, оскуо­ланы кытта сыста аны сотору кэминэн интэринээт тутул­луохтаах эбит. 2024 сылга үс этээстээх 200 миэстэлээх үөрэнэр куорпус, ону сэргэ 125 миэстэлээх интэринээттээх оскуола тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. Тутууну ХЭТ “ТСК+» тэрилтэ ааспыт сыл сэтинньититтэн тута сылдьар.

Тутуу хаамыытын туһунан оскуола дириэктэрэ Алексей Корякин санаатын үллэһиннэ:

– Оскуолабытыгар уопса­йа 7-11 кылааска диэри өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан  140 оҕо интэринээккэ олорон үрдүттэн үөрэнэр. Инникитин оҕолору бэһис кылаастан оскуолаҕа ылар туһунан былаанныыбыт. Кэлэктииппитигэр уопсайа 40 учуутал үлэ­лиир. Оскуолабыт тутуллан үлэҕэ киирдэҕинэ, былаан элбэх, ол курдук “Основы военной службы” диэн биридимиэт ыытыллар. Бу биридимиэт бырагыраамата РФ Конституциятын уонна “Үөрэх туһунан” Федеральнай сокуон чэрчитинэн ыытыллар. РФ  Оборуонаҕа минис­тиэристибэтин көҕүлээһининэн, 59 тыһыынча нэһилиэнньэлээх куораттарга “Авангард” байыаннай-патрио­тическай кииннэрин тэрийии туһунан үлэ ыытыллар. Биһиги оскуолабыт иһинэн үлэ­лиир «Авангард” байыаннай-пат­риотическай үөрэтэр-методическэй  киин туох баар байыан­най-патриотическай хайыс­ханы, “Юнармия” салаа­ларын уонна байыаннай-патриотичес­кай иитиигэ үлэлэри тэрийэр. Барыта биир сиргэ, оскуолабыт тиэргэнигэр үлэлэр ыытыллар буолуох­тара.  Оскуолабыт үлэҕэ киирдэҕинэ специализированнай кылаас­тар баар буолуохтара. Ол курдук байыаннай үөрэххэ бэлэмнэнии, буулдьанан ытыы тирын о.д.а. былаанныыбыт. Оскуолабытыгар ба­­йыаннай патриотизмҥа сыһыан­наах түмэл арыйыахпыт дии саныыбыт. Биһиги оскуолабыт байыан­­най үөрэх киинэ буолуо­ҕа. Тиэргэммитигэр оскуола эрэ тутулла турбат. Бүтүн ос­­куола тиэргэнэ барыта оҥоһулла сылдьар. Ол курдук улахан плац баар  буолуоҕа. Маннык киэҥ, улахан плацтар оннооҕор байыаннай чаастарга даҕаны суохтар. Ону сэргэ байыаннай-полевой үөрэххэ бэлэмнэнии былаһаакката, оскуола кэннигэр аныгылыы стадион баар буолуоҕа. Оскуола иһигэр тренажердар, успуорт саалата, тустуу саалата, быһата, оҕо үөрэнэригэр уонна дьарыктанарыгар бары усулуобуйа тэриллиэҕэ.­

Байыаннай тиэхиньикэлэр

Оскуола тиэргэнигэр арай уруккутунан хамсаабакка ба­­йыаннай тиэхиньикэлэр тураллар. «Авангард” кииҥҥэ ба­­йыаннай тиэхиньикэ 14 көрүҥэ кэлбитэ. Бу кэлбит байыаннай тиэхиньикэ аҥаара Кадетскай оскуолаҕа уонна куораппытыгар, Кыайыы болуоссатыгар өйдөбүнньүк быһыытынан туруоруллубута.

Санаа

Ольга Ильинична Тимофеева, Кадеттар оскуолаларын төрөппүтэ:

– Мин иитэр дьиэ кэргэн ийэтэ буолабын. Тулагы-Киллэм диэки чааһынай дьиэҕэ олоробут. Биһиги уон уолу иитэбит. Ыһыллан хаалбыт ыал, араас дьылҕалаах оҕолорун иитэргэ анаан туспа уһаайба ылан, дьиэ-уот туттан тэриммиппит. Оҕолорбутун айылҕаҕа чугаһатан иитэр ордук дии саныыбыт. Улахан уолбут билигин аармыйаҕа сылдьар. ДОСААФ-тан массыына ыытар быраабы ылан барбыта. Билигин КАМАЗ-ка суоппардыыр, сотору кэминэн Ростов куоракка барыахтаах­тар. Бу оскуолаҕа сэттис кылаастан Костя Корякин диэн уолбут үөрэнэр. Оҕобут биһиэхэ уон саастааҕар иитиллэ кэлбитэ. Номнуо бэйэбит оҕобут буолбута ыраатта. Майгыта-сигилитэ бу оскуолаҕа барсыан сөп диэммит биэрбиппит. Бэйэтэ тустуунан дьарыктанар. Дьокуускайдааҕы ДЮСШ 3  үчүгэй баҕайы тириэньэрдэргэ үөрэммитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэтин ­ыйааһыныгар ситиһиилэрдээх. Аҕабыт успуордунан эдэр сааһыттан хойукка диэри дьарыктаммыт буолан биир ситимнээхтик Костябытын бу оскуолаҕа киирэригэр бэлэмнээбитэ. Ол иһин бу оскуолаҕа киирэригэр эт-сиин, өй-санаа өттүнэн бэлэм оҕо кэлбитэ. Оҕобут салгыы ханнык идэни ылыан сөбүн туһунан кэпсэтэбит, хасыһан үөрэтэбит. Кини байыаннай буоларга бэлэмнэнэр. Быйыл Уһук Илин диэки ханнык үөрэх кыһалара баалларын билсиэхпит уонна дьэ, сыал-сорук ту­­руорунан ханнык үөрэххэ киирэрбитин быһаарыныахтаахпыт. Кадеттар оскуолалара оҕону бэрээдэккэ, эппиэтинэстээх киһи буоларга бэлэмниир дии саныыбын. Биһиги уолаттары  иитэр ыал буоларбыт быһыытынан, кадеттар оскуолаларыгар туох кыахтаахпытынан күүс-көмө буола сатыыбыт. Оскуола тутулла турарыттан наһаа үөрэбит, үлэҕэ киирэрин күүтэбит. Толору хааччыллыылаах буолар, оҕобут саҥа сокуолаҕа балтараа сыл саатар үөрэниэ диэн үөрэбит.  Кадеттар сокуолалара уолаттары чахчы патриотическай тыыҥҥа, дьиҥ эр киһилии иитэр диэн сыаналыыбын.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

5 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

6 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

6 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

7 часов ago