Патриотизм – төрөөбүт дойдуга, дьиэ кэргэҥҥэ тапталтан саҕаланар

Патриотизм – төрөөбүт дойдуга, дьиэ кэргэҥҥэ тапталтан саҕаланар

04.05.2024, 19:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Дьокуускайдааҕы кадеттар интэринээт-оскуолатын дириэктэрэ Алексей Корякин патриотизм туһунан санаатын үллэһиннэ.

“Патриотизм төрөөбүт дойдуга, дьиэ кэргэҥҥэ тапталтан, төрдү-ууһу, дойду култууратын, устуоруйатын билииттэн, сэҥээриттэн – кыраттан саҕаланар.

Үөрэх тэрилтэлэрэ бары, сокуоҥҥа олоҕуран оҕону, ыччаты патриотизм тыыныгар иитиинэн дьарыктаналлар. Биһиги оскуолабыт ордук байыаннай патриотизмы кытта ситимнээх. Онон бэйэбит салаабытынан сылы эргиччи байыаннай-успуорт, байыаннай-патриотическай хайысхалаах араас тэрээһиннэри ыытабыт. Олортон биир сүрүннэринэн өрөспүүбүлүкэтээҕи “Снежный барс” байыаннай оонньууну ааттыахха сөп. Түмүктүүр түһүмэххэ бастыҥтан бастыҥнар сүүмэрдэнэн, сыллата 200-тэн тахса оҕо кыттар. Маннык тэрээһиннэртэн оҕо патриотизм тыыныгар эмиэ иитиллэр.

Быйыл Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 79 сылыгар аналлаах сүрүн тэрээһиммитинэн Кыайыы параада буолар. Ону таһынан, Кыайыы күнүн иитинэн  ыытыллар бэтэрээннэри чиэстээһиҥҥэ, “Поем двором” аахсыйаҕа, о.д.а. тэрээһиннэргэ үгэс быһыытынан кыттабыт. Ыам ыйын 8 күнүгэр, Кыайыы болуоссатыгар Дьокуускай куораттааҕы Оҕо подростковай киинин, бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэрбитин кытта, куорат олохтоохторугар кыттыгас кэнсиэр көрдөрүөхпүт. Баҕалаах дьон кэлэн көрүөхтэрин сөп, — диэн эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: