Салгыы
Патриотизм уонна дьоруойдуу быһыы

Патриотизм уонна дьоруойдуу быһыы

10.11.2024, 11:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

«Патриотизм» уонна «дьоруойдуу быһыы» диэн тыллар бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса ситимнээхтэр. Төрөөбүт дойдутун истиҥник таптыыр киһи кини туһугар дьоруойдуу быһыылары оҥорор кыахтаах. Сэрии кэмигэр бу ордук көстөр. Биһиги уолаттарбыт норуоттар сомоҕолоһуулара, дойдуга бэриниилээх буолуу күүһэ кыайыыга тириэрдиэҕэр итэҕэйэллэр. Саха уолаттара патриоттуу иитиллэн, дьоруойдуу, хорсун быһыыны оҥоро сылдьаллар. Бу дьиҥнээх патриотизм уонна дьоруойдуу быһыы күүһэ буолар.

 Патриоттуу иитии

Саха сиригэр 14-тэн 35-гэр диэри саастаах ыччат ахсаа­на 317 377 киһиэхэ тиийбит. Ол аата, ыччат дьоммут өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин ахсаанын 31,8%-н ылар. Ааспыт сылы ылан көрдөххө, 314 606 эбит, ол аата, былырыыҥҥыттан 5,1% элбээбит.

Өрөспүүбүлүкэҕэ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэ судаарыстыбаннай былаас уорганнарын, муниципальнай тэриллиилэри, куорат уокуруктарын, уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытта сыллата 150 тыһыынчаттан тахса эдэр дьоҥҥо патриотизм иэйиитин уһугуннарарга, сайыннарарга туһуламмыт 140-тан тахса тэрээһини ыытар.

Ыччаты патриоттуу иитии ситимин сайыннарарга билигин бары сүрүн нормативнай докумуоннар бааллар, олорго олоҕуран өрөспүүбүлүкэҕэ бу хайысхаҕа үлэни тиһиктээхтик ыытар кыах баар.

Эдэр дьону патриоттуу иитии тиһигин биир кэлим таһымҥа таһааран, инники үлэлэригэр олук оҥостор сыалтан Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэ араас тэрээһиннэри ыытар.

Ол курдук, 2022 сыллаахха ыччаты  патриоттуу иитии­ни сайыннарыыны сүрүннүүр Координационнай сэбиэт тэриллибитэ.  Патриотическай иитии эйгэтигэр биир кэлим бэлиитикэни олоххо киллэрии­ни хааччыйар уонна сүрүн сыаллары, соруктары уонна хайысхалары быһаарар сыалтан “СӨ гражданнарын пат­риоттуу иитии туһунан” сокуон ылыллыбыта.

Ыччат көҕүн үрдэтии

Ыччат уопсастыбаннай олоххо көхтөөх буоларын туһуттан араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бүтүн Арассыыйатааҕы тэрээһиннэргэ, холобур,  Кыайыы бырааһынньыгар сыһыаннаах – “Өйдөбүнньүк чүмэчитэ”, “Кыайыы түннүктэрэ”, “Георгиевскай лиэнтэ”, “Тиэргэҥҥэ ыллааһын”, о.д.а. биһиги ыччаттарбыт көхтөөхтүк кытталлар. Кэнники сылларга «ЮНАРМИЯ» байыаннай-патриотическай хам­­сааһын сүлүөттэрэ, париоттары иитэр уопсастыбаннай хамсааһыннар элбэх ыччаты тү­­мэллэр.

Саха сиригэр «ЮНАРМИЯ» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат байыаннай-пат­риотическай уопсастыбаннай хамсааһына күүскэ сайдан эрэр. 2023 сылга бу тэрилтэ өрөспүүбүлүкэҕэ 31 олох­тоох салаалаах, 231 эдэр ар­­меецтар этэрээттэригэр уопсайа 8486 оҕо баара. Оттон 2024 сыл балаҕан ыйыгар эдэр ар­­меецтар ахсааннара  8862 тиийбитэ.

Саха сирин ыччата

Ыччат тэрээһиннэрин ыытарга анаан судаарыстыба бүддьүөтүттэн көмө көрүллэрин бэлиэтээн ааһар тоҕоос­тоох. «Саха сирин ыччата» бырагырааманан 2023 сылга судаарыстыбаннай ыччат бэлии­тикэтин уонна патриотическай иитиигэ дьаһаллары олоххо киллэриигэ олохтоох бүддьүөттэн 26 улууска уопсайа 50 мөл. солк. үп субсидия быһыытынан бэриллибит. Бу үп 10 сүрүн хайысханан ыччат бэлиитикэтин эйгэтигэр, ол иһигэр эдэр дьону патриоттуу иитии хайысхатыгар туһаныллыбыт.

2024 сылга өрөспүүбүлүкэ 18 улууһугар ыччат бэлиитикэтин эйгэтигэр үс хайысхаҕа судаарыстыбаннай бүддьүөттэн уопсайа 10 мөл. солк. ыытыллыбыт.

Аны туран, талааннаах ыччаттарбытын өйүүр, идэҕэ, биисинэскэ, култуураҕа уонна успуорка үрдүк көрдөрүүнү ситиһэр сыалтан, 2021 сылтан саҕалаан “Muus uSTAR” диэн ыччат бэстибээлэ ыытылларын ахтан ааһарбыт тоҕоостоох.

Билиҥҥи балаһыанньаны учуоттаан, 2024 сыллааҕы бэстибээл ыччаты патриотическай иитиигэ туһуламмыта. Быйыл 35 улуустан кытыннылар. Бэстибээлгэ кыттаач­чылары – улуустартан дэлэгээт быһыытынан талар сыалтан “Саха сирин бастыҥ ыччат­таах улууһа, куораттааҕы уокуруга” куонкурус ыытыллыбыта. Маны таһынан, улуустарга, куораттарга уопсайа 8000 кэриҥэ киһини хабар дьоҕус бэсти­бээл буолан ааспыта. Ол кэннэ Дьокуускайга финалга тахсыбыт 2000 ыччат кыттыбыта. Онон бу бэсти­бээл ыччаппытын сомоҕолуур, ону тэҥэ эдэр талааннарбытын ары­йар кыаҕы биэрэр диэн бигэтик этиэххэ сөп.

Үйэтитии

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын туһунан өйдөбүлү үйэтитээри, ону тэҥэ патриоттуу иитиини сайын­нарар сыалтан, хорсун ба­­йыастарбыт, биир дойдулаахтарбыт тустарынан 25 видеоролик уонна 29 баннер оҥоһуллубут.

Ону тэҥэ 2023 сыллаахха патриоттуу иитиигэ туһуланан таас дьиэлэр эркиннэригэр 2 мурал уонна 2 уус-уран уруһуй оҥоһулунна. Бу «Алеша» тааҥка экипаһыгар, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойугар – Екатерина Деминаҕа анаммыт мураллар.

Быйыл Саха сирэ  «Патриот» ыччат киинин тэрийэр уонна ыччат бэлиитикэтин эйгэтигэр тэрээһиннэри ыытар сыаллаах 128 мөл. солк. суумалаах субсидияны ылбыта.

Түмүктээн эттэххэ, аныгы усулуобуйаҕа ыччат бэлии­тикэтэ патриотизмы улахан хам­сааһыҥҥа кубулутар уонна уопсастыба көҕүн улаа­тыннарар, түргэтэтэр кыах­таах. Биһиги патриот дьоммут көрдөрбүт хорсун быһыылара тулалыыр эйгэни үчүгэй өттүгэр уларытыан сөбүн чаҕылхай холобура буолар. Ыччат күүһүн-уоҕун холбоотоҕуна, дойдутун инники дьылҕатыгар дьоһун кылааты киллэрэр кыахтаах.

Игорь Юргин, Арассыыйа Дьоруойа, ыччат дьыалаларын уонна социальнай коммуникациялар миниистирин эбээһинэһин толорооччу:

– Ыччаты патриоттуу иитиигэ Саха сирэ иккис төгүлүн фашизмы утарыы пуорумун ыытар. Бастакы пуорум былырыын Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн ыытыллыбыта. Мин санаабар, бу тэрээһин ыччаты патриоттуу тыыҥҥа иитиини күүһүрдэргэ улахан суолталаах. Эһиил Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит, 2025 сыл СНГ Нацизмы утары охсуһууга сомоҕолоһуу сылынан биллэриллибитэ. Биһиги эһээлэрбит, хос эһээлэрбит Улуу Кыайыыны уһансыбыттара, бүгүн байыастар байыаннай дьайыыга кинилэр аатырбыт бойобуой үгэстэрин салҕыыллар, хорсун быһыыны оҥороллор, төрөөбүт дойдуларын көмүскүүллэр.

Филипп Евсеев, Арассыыйа Дьоруойа:

– Бүгүн, хаһааҥҥытааҕар даҕаны, ааспыт кэм уруоктарын өйдүү сылдьыы уонна дойдубут сомоҕолоһуутугар уонна куттала суох буолуутугар фашизмы, неонацизмы утарыы улахан суолталаах. Бу күннэргэ ыытыллар Фашизмы утарыы пуорума үүнэр көлүөнэҕэ устуоруйабытыгар  ытыктабыллаахтык, эппиэ­тинэстээхтик сыһыаннаһарга, урукку көлүөнэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыытын өйдүүргэ туһуланар. Билиҥҥи кэмҥэ өрө туран эрэр фашизм идеологияларын утары бары түмсүөхпүтүн наада.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: