Павел Аргунов: «Биир санаалаах, түмсүүлээх буолуоҕуҥ»
24.03.2024, 09:21
Хаартыскаҕа Анна Стручкова түһэриитэ.
Бөлөххө киир:
Павел Аргунов, СӨ Тутууга уонна олорор дьиэҕэ-уокка судаарыстыба хонтуруоллуур управлениетын салайааччыта:
— Хаан тохтуулаах теракт буолбутуттан Арассыыйа олохтоохторо бары соһуйдубут. Сынньана, кэнсиэр көрө кэлбит дьону, оҕолору эрдэттэн былааннанан, оҥостон кэлэн эккирэтэ сылдьан ытыалыыр диэн киһи өйүгэр баппат сидьиҥ быһыы.
Ону таһынан соруйан элбэх киһи өллүн, эчэйдин диэн баһаар ыыттылар, сидьиҥ дьон.
Бу хара дьай, кулун тутар 22 күнэ, Арассыыйа хас биирдии олохтооҕор ыар күнүнэн хаалыаҕа. Хара санаалаах сиэхситтэр илиилэриттэн суох буолбут дьон чугас аймахтарыгар, дьонноругар дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин. Биһиги билигин биир санаанан салайтаран, өссө түмсүөхпүтүн наада. Биир санаалаах, түмсүүлээх буолуоҕуҥ.
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: