СӨ тутууга миниистирэ Павел Кылатчанов Бырабыыталыстыба сыл аайы Судаарыстыбаннай отчуотун туһунан санаатын эттэ:
«Госдуумаҕа Бырабыыталыстыба 2022 сыллаах үлэтин Арассыыйа премьер-миниистирэ Михаил Мишустин отчуоттаата.
Премьер-миниистир таарыйбыт боппуруостарыттан биирдэстэринэн бу дьиэ-уот боппуруоһун быһаарыы буолар: «Биһиги дьиэ боппуруоһун салгыы быһаарабыт. Биир сыл анараа өттүгэр 93 мөл. кв.м. олорор дьиэ туһунан эппитим — бу судаарыстыбабыт историятыгар улахан рекорд, сэбиэскэй кэми кытта киллэрэн туран. Оттон 2022 сыл түмүгэ — 103 мөл кв.м. кэриҥэ.3,5 мөл дьиэ кэргэн олорор усулуобуйаларын тупсардылар», — диэтэ Мишустин.
Уһук Илиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ иккис миэстэлээх, Приморье кыраайын кэннитэн. Өскөтүн былырыын 583.,9 тыһ.кв. м. буоллаҕына, быйылгы былаан 650 тыһ.кв.м. 2030 сылга бу көрдөрүү 832 тыһ.кв.м тиийиэхтээх.
Премьер-миниистир Арассыыйаҕа 193 тыһыынча киһини саахалланар дьиэттэн көһөрдүбүт диэтэ. Бүгүн Саха сиригэр 25 тыһ. киһи саахалланар туруктаах дьиэттэн көстө.
Кини тыл этиитигэр Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэ 2030 сылга диэри уһуо диэн аҕынна. Өрөспүүбүлүкэ бу бырагырааманан бэриллибит ипэтиэкэ кирэдьиитинэн бастаан иһэр.
Билигин чэпчэтиилээх, дьиэ кэргэн, Уһук Илиҥҥи уонна айти-ипэтиэкэни сабыылаах паевой инвестиция пуондаларыттан бэлэм олорор дьиэни ыытыыга көрүөххэ сөп. Байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыттарга уонна кыттааччыларга усулуобуйалар чэпчээтилэр.
Дакылаатыгар Михаил Мишустин федеральнай бүддьүөт суотугар хапытаалынай тутууну «Тутуу» судаарыстыбаннай биэс сыллаах бырагырааматыгар киллэрдилэр, ити суумата 4,5 трлн солк. Саха сиригэр үгүс бырагыраама, ол иһигэр федеральнай үлэлиир. 2023 сылга бары источниктар көмөлөрүнэн социальнай суолталаах 73 эбийиэк былааннанар, ол иһигэр 20 оскуола, 5 уһуйаан, эбии үөрэх 1 тэрилтэтэ, физкултуура 8 , доруобуйа харыстабылын 25 уонна култуура 14 эбийиэгэ».
Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…