Павел Петров: «Биир санаанан салайтаран үлэлиирбит эрэйиллэр»

Share

Ил Түмэн дьокутаата, парламент экэниэмикэҕэ, инвестицияҕа уонна бырамыысыланнас бэлиитикэтигэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петров күн бүгүн буола турар анал байыаннай дьайыылар Арассыыйаҕа куттал суох буолуутун хааччыйар туһугар кыһалҕаттан ыытыллар хардыылар буолалларын өйдүүбүт диэн туран, тус санаатын үллэһиннэ:
— Биһиги уолаттарбыт, эр дьоммут Донбасс, Луганскай уобаластарыгар аҕыс сыл устатын тухары ытыалааһын, өлүү-сүтүү усулуобуйатыгар олорор норуоттары көмүскүү, төрөөбүт дойдуларыгар суоһуур кутталы туората сылдьаллар. Тоҕо диэтэххэ, ити уодаһыннаах дьайыылар Украинаҕа эрэ буолбакка, кини тас өттүгэр өтөн тахсар кутталланнылар. Онон маннык балаһыанньаҕа Арассыыйа тала сатыыра суох — анал байыаннай эпэрээссийэнэн Украинаҕа демилитаризацияны ыытыы суола эрэ хаалла. Биһиги дойдубут Украинаны ускайдыы олорор арҕааҕҥы дойдулартан өр кэмҥэ эйэлээх кэпсэтиинэн сүбэ быһыытынан быһаарсары, ыллыктаах толкуйу бииргэ тобулары күүппүтэ даҕаны, хайата да кыаллыбата. Ол иһин атын быһаарсар суол уурайан, Арассыыйа анал байыаннай эпэрээссийэни ыытарга күһэлиннэ. Бэрэсидьиэн Владимир Путин уонна РФ сэбилэниилээх күүстэрин бу быһаарыныыларын дойду олохтоохторо өйөөһүннэрэ бүтүн уопсастыба хаһааҥҥытааҕар да биир сомоҕо буола түмсүбүтүн көрдөрдө. Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр биһиги эһэлэрбит, хос эһэлэрбит төрөөбүт дойдуларын эрэ буолбакка, аан дойдуга фашизм суох буоларын иһин сэриилэспиттэрэ. Күн бүгүн кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ытык дьоннорун албан ааттаах суолларын салгыыллар.
Арҕааҥҥы дойдулар инникитин да Украинанан, атын да дойдуларынан, бэлитиичэскэй күүстэринэн сирэйдэнэн, Арассыыйаны ыгалларын-түүрэллэрин салгыахтара. Онон биһиги тас бэлиитикэбитин сайыннаран, ону күүскэ ыытан, көмүскэнэр байыаннай күүстэрбитин бөҕөрөгөтөн, экэниэмикэбитин кыаҕырдан, бэлэмнээх буолуохпутун наада. Биһиги олус уустук быһыыга-майгыга олоробут. Ол эрээри Арассыыйа ис кыаҕа модун,  онон бу ыарахаттары туоруохпут. Саамай сүрүнэ, бука бары бииргэ түмүллэн, кыаҕы, күүһү мунньунан, уопсай санаанан турунан туран үлэлиирбит эрэйиллэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дойдубутун көмүскүү ыҥырыллыбыт дьоммутугар туох кыаллар өйөбүлү, көмөнү оҥорор, оҥорорго бэлэм.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

12 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

13 часов ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

13 часов ago
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт ыал этэҥҥэ дьиэтин булла

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээҥҥэ Дьокуускайтан хочуолунай саппаас чаастарын илдьэ сөмөлүөт көтүөҕэ

Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ АН-26 сөмөлүөт хочуолунай үлэтин сөргүтэргэ саппаас чаастары илдьэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын…

14 часов ago