Ил Түмэн дьокутаата, парламент экэниэмикэҕэ, инвестицияҕа уонна бырамыысыланнас бэлиитикэтигэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петров өрөспүүбүүкэ дьокутааттара байыаннай дьайыыларга кытта сылдьар буойуттарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр ханнык сокуоннар ылыллан үлэлии туралларын, өссө ханнык сокуон барыллара ылыллыахтарын туһунан хаһыат саайтын ааҕааччыларыгар кэпсээтэ:
— Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дойдубутун көмүскүү ыҥырыллыбыт дьоммутугар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүлү, көмөнү оҥорор уонна оҥорорго бэлэм. Ил Түмэн дьокутааттарын өттүттэн бу хайысхаҕа бэлиэр сокуоннар ылыллан үлэлии тураллар. Ол курдук, сокуоҥҥа эбии киллэрии быһыытынан байыаннай дьайыыларга быстах ыҥырыынан итиэннэ баҕа өттүнэн хантараагынан сулууспалааччыларга, РФ национальнай гвардиятын кэккэтигэр сулууспалааччыларга, полиция званиелаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр босхо юридическай көмө оҥоһуллар.
Олорор эрэгийиэннэрин усулуобуйатын учуоттаан туран, дойдубутун көмүскүү сылдьар дьоммутугар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, социальной көмөнү уонна өйөбүл эбии дьаһалларын көрөр өрөспүүбүлүкэ сокуонун барыллара бастакы ааҕыыны аастылар. Ол курдук, норуот дьокутааттара А.А. Григорьева, В.И. Чичигинаров, С.М. Березин, А.Н. Дорогань, О.Т. Михайлова, М.Н. Христофорова, Л.Л. Явловская көҕүлээн киллэрбит 537-6№-дээх өрөспүүбүлүкэ дьонугар социальнай өҥөнү оҥоруу туһунан сокуон барылын 8 уонна 25 ыстатыйаларыгар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр сокуон барыла бэлэмнэннэ.
25 ыстатыйа барылыгар этиллэринэн, байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин аҕам саастаах дьонугар, саастарын сиппит инбэлииттэргэ дьиэтигэр эбэтэр стационар аҥардаах социальнай өҥө босхо оҥоруллуон сөп. Маны сэргэ 8 ыстатыйа барылынан — байыаннай сулууспалааҕы, өскөтүн кини байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыытын түмүгэр доруобуйатыгар, ол иһигэр, уйулҕа өттүнэн кытта, эчэйиини, эмсэҕэлээһини ылбыт буоллаҕына, социальнай өҥөҕө наадыйааччынан билинии түгэннэрэ кэҥэтиллиэхтэрэ. Итини таһынан байыаннай сулууспалаах эргиллэн кэлэн үлэ көрдүүр түгэнигэр үлэ миэстэтинэн хааччыйыыны мэктиэлиир сокуон барылын эмиэ үөһэ ааттаммыт дьокутааттар көҕүлээтилэр.
Маны сэргэ Ил Түмэн дьокутааттарын өттүттэн байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөөх сокуону оҥорууну сэргэ араас өрүттээх гуманитарнай хайысхалаах үлэ күүскэ бара турар. Дьокутааттар бэйэлэрин быыбардыыр уокуруктарыгар байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр өйөбүлү-көмөнү оҥороллор, байыаннай дьайыыларга сылдьар эбэтэр госпиталларга эмтэнэ сытар буойуттарга гуманитарнай көмөнү хомуйууга, ыытыыга кытталлар. Ил Түмэн дьиэтигэр Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэттэрин Кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаата үлэлииригэр анал кабинеттар бэриллэн, үлэ ыытылла турар.
Биһиги күн бүгүн олус уустук быһыыга-майгыга олоробут. Ол эрээри Арассыыйа ис кыаҕа модун — онон ханнык баҕарар ыарахаттары туруохпут.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…