Павел Пинигин: “Триумф” киинэни аан дойду таһымыгар таһаарыахха наада”
Олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин режиссер Михаил Лукачевскай «Триумф» киинэтин туһунан санаатын үллэһиннэ.
“Триумф” киинэни Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, атын дойдуларга эмиэ көрдөрүөххэ наада диэн тустууга Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуулар кыайыылаахтара Павел Пинигин СИА-ҕа эттэ. Киинэҕэ кини оруолун Гаврил Менкяров толорбута.
“Киинэ ыччаты күүрдүөхтээх, успуорка үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэригэр күүһү биэриэхтээх. Миигин ордук улааппыт дьиэбэр уһуллубут эпизодтар, ийэм баар түгэннэрэ долгуттулар. Иккис долгуйбут түгэним – Олимпиадаҕа тустуум. Актердар олус түргэнник туста үөрэммиттэр, сүрүн түгэннэри бэркэ биэрдилэр. Режиссер Михаил Лукачевскай Дмитрий Коркин аатын үйэтитиигэ улахан үлэни оҥордо. Тустууну аан дойду барыта сэҥээрэр, онон аан дойдуга көрдөрдөхпүтүнэ, сахалар тустарынан бары билиэ этилэр”, — диэтэ Павел Пинигин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: