Номоххо киирбит дириэктэр Егор Федоров төрүттээбит педагогическай династията.
Улуус педагогическай династияларыгар Федоровтар династиялара эбилиннэ. Ньурба к. «Кыталык» КД-гар Аан дойдутааҕы учуутал күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ династия бэрэстэбиитэлин — СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталларын» Евгений Егорович Федоровы уонна кини кэргэнин, олоҕун эмиэ оҕону-ыччаты үөрэтиигэ-иитиигэ анаабыт Валентина Давыдовнаны сыанаҕа таһааран чиэстээбиттэрэ.
Кэргэннии Евгений Егорович уонна Валентина Давыдовна Федоровтар соторутааҕыта эрэдээксийэҕэ кэлэ сырыттылар. История учуутала идэлээх Евгений Егорович мин учууталым буолар, Маардааҕы СТПУ-га биһиэхэ эстетика, совправо уонна политэкономия биридимиэттэрин үөрэппитэ. Сымнаҕас уонна үтүөкэн майгылаах буолан, уолаттар бары даҕаны сөбүлүүр преподавательбит этэ. Оттон кини кэргэнэ Валентина Федорова Маар оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан, оскуола завуһунан, кэлин Реабилитационнай кииҥҥэ соцпедагогунан үлэлээн кэллэ, улуус уонна өрөспүүбүлүкэ биллиилээх уопсастыбанньыга, СӨ Үөрэҕин туйгуна.
«Биһиги, Федоровтар дьиэ кэргэн, педагогическай династия буолбуппутугар үөрүүбүт улахан, — диир Валентина Давыдовна. – Педагогическай династияны төрүттээччинэн кэргэним аҕата, эһэбит, Хорула нэһилиэгиттэн бастакы олохтоох учуутал уонна дириэктэр Егор Кононович Федоров буолар. Егор Кононович Хорула нэһилиэгин номоххо киирбит киһитэ, кылгас да буоллар, дьоһун олоҕу олорон ааспыт. Хорулалар кинини дириҥник ытыктаан-сыаналаан, орто оскуолаларыгар 2004 с. Е.К.Федоров аатын иҥэрбиттэрэ.
Егор Федоров оччотооҕу олох уустук кэмигэр, 13 сааһыгар оскуолаҕа үөрэнэ киирбит уонна 7 кылаастаах оскуоланы бүтэрэн баран, учууталлар тиийбэттэриттэн 1937 сылтан нэһилиэгэр учууталынан үлэлээбит. Дьон ахтарынан, хас күһүн аайы оскуола аһыллыан ининэ, 10-тан тахсалыы көстөөх ыраах учаастактарынан, үрэхтэр бастарынан олорор ыаллары кэрийэн, үөрэх туһатын туһунан дьоҥҥо тоһоҕолоон өйдөтөрө, үөрэххэ хабыллар оҕолору чуолкайдыыра.
Егор Кононович 1939 с. Бүлүүгэ 3 ыйдаах начаалынай оскуола учууталларын бэлэмниир кууруска үөрэммитэ, 1944 с. кэтэхтэн Бүлүү педучилищетын 1 кууруһун бүтэрбитэ, эһиилигэр Дьокуускайга пединситут бэлэмнэнии кууруһугар үөрэммитэ. Онтон 1948 с. пединституту бүтэрбитэ. Араас сылларга холкуоска, ааҕар балаҕаҥҥа эмиэ үлэлээбит, Акана начаалынай оскуолатыгар сэбиэдиссэйдээбит, военруктаабыт.
Егор Кононович олоҕун тиһэх сылларыгар Хорула оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан, оскуола дириэктэринэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Оскуолатыгар спорт саалатын, үс үөрэнэр кылаас хоһун уонна учууталыскайы саҥа маһынан урукку оскуолаҕа сыһыары туттарбыта. Оскуола таһыгар киэҥ спортивнай былаһаакка оҥоһуллубута. Ат-оҕус көлөлөөх кэмҥэ ити үлэлэри бэрт кылгас кэмҥэ, саас саҕалаан баран күһүн оскуола аһыллыытыгар барытын бэлэм оҥорбуттара.
Партийнай тэрилтэ сэкирэтээрин быһыытынан нэһилиэк иһигэр ыытыллар хаһаайыстыбаннай, култуурунай-сырдатар үлэлэри иилээн-саҕалаан тэрийэрэ, оскуола учууталларыгар полит-үөрэҕи ыытара. Үөрэнээччилэрэ Егор Кононович сүүрүүгэ, атах оонньууларыгар уонна тустууга лаппа үчүгэйин, күрэхтэһиилэрэ кыайыылаах тахсарын, дьону спорка сыһыаран сүүрүүгэ, мас тардыһыытыгар, саахымакка уонна дуобакка дьарыктыырын, күрэхтэһиилэргэ судьуйалыырын туһунан элбэхтик ахтыбыттара баар.
Егор Кононович оҕону-ыччаты фольклорга сыһыарарга эмиэ үгүс үлэни ыытар эбит. Оскуола үөрэнээччилэрин кулуупка олоҥхоһуттар күрэхтэһиилэригэр сырытыннарарын, сарсыныгар уруокка бэҕэһээ кэпсэппит олоҥхо тиэмэтин ырытыһан үөрэтэллэрин истиҥник суруйбуттар этэ. Үөрэнээччилэрэ кини саха литературатын төрүттээбит классик-суруйааччылар А.Е.Кулаковскайы, А.И.Софроновы, Н.Д.Неустроевы уонна саха фольклорун олус иҥэн-тоҥон туран үөрэтэрин ахталлар. Үөрэтэр биридимиэттэригэр үрдүк билиилээҕин, кытаанах ирдэбиллээҕин, хас биирдии уруогар оҕо болҕомтотун тардар гына эбии босуобуйаны уонна олохтон холобурдары киэҥник туһанарын, олус умсугутуулаахтык, наһаа кыһанан-мүһэнэн үөрэтэрин иһирэхтик саныыллара.
Егор Кононович 1951 с. Дьокуускайтан өрөспүүбүлүкэ бастыҥ учууталларын научнай-практическай кэмпириэнсийэлэриттэн төннөн иһэн, сөмөлүөт саахалыгар түбэһэн, баара-суоҕа 34 сааһыгар хомолтолоохтук олохтон туораабыта. Кинилиин бииргэ сөмөлүөт саахалыгар түбэһэн, тыыннаах ордубут Ньурба 1 №-дээх учуутала Валентина Андреева кэпсииринэн, Егор Федоров сөмөлүөт саахалыгар дьон олоҕун быыһаары, бйээтин олоҕун толук ууран геройдуу өлбүт эбит. Лүөччүк саахал туһунан сэрэппитин, курданалларыгар эппитин кэннэ дьон уолуйан хаалбыт, аймалҕан саҕаламмыт. Онно Егор Федоров дьону уоскуталаан, кириэһилэлэрин курдарын туттарыналларыгар көмөлөһөн, сорохторун курдарын туттаран миэстэтигэр төннөн истэҕинэ, сөмөлүөт мастарга сааллан үс аҥы хайа ыстаммыт, онно кини тура сылдьар буолан сиргэ быраҕыллыбыт, үрдүгэр тимир игии, тоһоҕолоох дьааһыктар түһэн, тута барбыт. Валентина Андреева: «Өскөтүн Егор Кононович бэйэтин эрэ санаабыта, турбакка хам баанан олорбута буоллар, тыыннаах хаалардааҕа, оттон 5-6 киһи суорума суолланыахтааҕа» диэн улаханнык долгуйан олорон кэпсиир эбит. Ол саҕана Егор Федоров уола Евгений 1-дээх, саҥа төрөөбүт кыыһа аҕыйах хонуктаах эрэ хаалбыттар эбит. Этэҥҥэ эбитэ буоллар, эһэбит төһөлөөх элбэх ыччаты иитэн-үөрэтэн таһаарыа, нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар көмөлөһүө этэй.
Егор Кононович кэргэнэ Матвеева Екатерина Андреевна Бүлүү педучилищетын бүтэрбитэ, Хорулаҕа өр сылларга ситиһиилээхтик учууталлаан дьон-сэргэ ытыктабылын ылбыта. Оҕолорун дьонун көмөтүнэн иитэн-үөрэтэн атахтарыгар туруорбута, үөрэхтээх-үлэһит дьон оҥортообута. Эһэбит уонна эбэбит олохторун билигин 2 оҕо, 30-ча сиэн уонна 1 хос сиэн салгыыллар.
Кэргэним Евгений Егорович СГУ-ну бүтэрэн, өр сылларга Маар орто оскуолатыгар история учууталынан үлэлээбитэ. Кэргэним балта Розалия Егоровна – саха тылын учуутала, Чурапчыга, онтон Дьокуускайга үлэлээбитэ. Кини кыыһа Айта идэтинэн үһүс көлүөнэ саха тылын учуутала буолар.
Биһиги 5 оҕолоохпутуттан 2 кыыспыт олохторун учуутал идэтин кытта ситимнээтилэр. Элена Евгеньевна СГУ БГФ-ны химия уонна биология учуутала идэлээх бүтэрбитэ. Оскуолаҕа үлэлээн баран Ньурбаҕа оҕону эбии үөрэхтээһин Киинигэр «Калейдоскоп» оҕо телестудиятын салайбыта, СӨ үөрэҕин туйгуна. Кини салайар телестудията өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан, кыыспыт 2016 с. «СӨ эбии үөрэхтээһин бастыҥ педагога» буолбута, СӨ Бэрэсидьиэнин100 тыһ. солк. гранынан наҕараадаламмыта. Хас да сыллааҕыта Учуутал сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ киинэ бэстибээлэ ыытыллыбыта. Онно Элена Евгеньевна эһэтин дойдутугар Хорулаҕа тахсан элбэх киһини көрсөн-кэпсэтэн, үгүс матырыйаал хомуйан «Тыыннаах ситим» диэн документальнай киинэ устубута. Өрөспүүбүлүкэҕэ киинэ бэстибээлигэр кини киинэтэ кыайыылаах тахсыбыта.
Орто кыыс Екатерина Евгеньевна Чурапчытааҕы физкултуурунай институту бүтэрбитэ, Хорула оскуолатыгар физругунан, тренеринэн, онтон кэлин Дьокуускайга 3 №-дээх оскуолаҕа физругунан үлэлиир. Кини кэргэнэ, күтүөппүт Михаил Михайлович Дедюкин физкултуура учууталынан, онтон полицияҕа үлэлээн кэллэ.
2017 с. Е.К.Федоров төрөөбүтэ 100 сылыгар кини Дьокуускайга олохсуйан олорор үөрэнээччилэрэ ахтыы суруйан, Розалия Максимова «Өрүү сырдаан көһүн» диэн кинигэни хомуйан оҥорбута. Эһэбитин, чахчы достойнай киһини, Федоровтар династиялара тумус туттабыт, холобур оҥостобут. Дойдутун туһугар бэриниилээх учуутал уонна салайааччы, дьиҥ-чахчы патриот киһи этэ. Хорула дьоно-сэргэтэ эһэбит Егор Кононович аатын олус күндүтүк өрө тутар, ытыктыыр диэн биһиги олус истиҥник саныыбыт».
Хорула нэһилиэгиттэн бастакы олохтоох учуутал, улахан педагогическай династияны төрүттээччи Е.К.Федоров оҕолоро, сиэннэрэ аҕаларын, эһэлэрин килбиэннээх суолун чиэстээхтик салгыыллар. Норуот хаһаайыстыбатын араас салаатыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Улахан уоллара Архан Давид Уссурийскайдааҕы Суворовскай байыаннай училищены, Дьокуускайдааҕы пединституту, Санкт-Петербургтааҕы гуманитарнай университет юрфагын үөрэнэн бүтэрбитэ, ИДьМ бэтэрээнэ, билигин Москваҕа СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр үлэлиир, саллааттар сэриигэ сырыыларын, кинилэр төрөппүттэрин кэлиилэрин-барыыларын көрөр-истэр, көмөлөһөр эбээһинэстээх. Кыра уол Егор Евгеньевич Москватааҕы юридическай институт Дьокуускайдааҕы филиалын бүтэрбитэ, полицияҕа уонна «ПЭСАЗ» тэрилтэҕэ үлэлээбитэ, СВО кыттыылааҕа. Кыра кыыс Тамара Евгеньевна Дьокуускайдааҕы медколледжы уонна Сибиирдээҕи потребкооперация университетын бүтэрбитэ.
Уһун уонна баай историялаах учууталлар династияларын туһунан өссө да элбэҕи суруйуоҕу хаһыат кээмэйэ көҥүллээбэт. Е.К.Федоров туһунан, итиэннэ 40-50-с сылларга Ньурба оройуонугар, чуолаан Хорула сиригэр-уотугар олох-дьаһах, норуот үөрэҕириитэ хайдах сайдан кэлбитин туһунан «Өрүү сырдаан көһүн» кинигэттэн ааҕан кэрэхсиэххитин сөп диэн санаалаах түмүктүүбүн.
Геннадий АНТОНОВ,
Ньурба.
Хаартыскалар Федоровтар дьиэ кэргэн архыыбыттан.
Дьокуускай куораттааҕы суут 41 саастаах эр киһи бииргэ олорбут дьахтарын өлөрбүтүнэн бириигэбэр таһаарда. Быһылаан бу…
Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 8 күнүгэр диэри Бүтүн Арассыыйатааҕы айылҕа харыстабылын дьыктаана буолар диэн СӨ…
Атынан Монголияҕа тиийбит айанньыттар Роман Попов, Геннадий Пустоляков Саха сиригэр айаннаан иһэллэр. Кинилэр аттарын таһаҕас…
Кэлиҥҥи сылларга "Саха сиригэр оҥоһулунна" диэн хамсааһыҥҥа кыттан, үгүс урбаанньыт бэйэ оҥорон таһаарыытын салаатыгар араас…
Олоҥхо күнүгэр Ил Дархан истипиэндьийэлэрин олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга, уустарга, норуот маастардарыгар туттарыы сиэрэ-туома буолла. Истипиэндьийэни ылбыттар…
Саха сиригэр 2024 сылга тоҕус ый иһигэр баан систиэмэтэ сэттэ сымыйа харчы баарын билбит. Бу…