Педагогическай дьаарбаҥка буолла

Share

Саҥа үөрэх дьылын көрсө үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньаҕын иитинэн, Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэскэ педагогическай вакансиялар дьаарбаҥкаларын ыыттылар. Саха сиригэр үөрэх дьылын саҕаланыыта сыллата 800-чэкэ вакансия аһаҕас буолар.

Мунньах кэнниттэн салгыы дьаарбаҥкаҕа сылдьан ааһарга сананабын. Таһырдьа балаччча элбэх киһи турарыттан сылыктаатахха, син кэлэн ыйыталаһаллар быһыылаах. Иһирдьэ киирээппин кытта аан айаҕыттан: “Эн математика учуутала буолбатаххын дуо?” – диэн ыйыта, соһута көрсөллөр.

Сарсыардаттан саҕаламмыт тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ улуустарын улахан аҥаардара бааллар.  Үөрэх тэрилтэлэрэ А4 кумааҕыга суруйан кэчигирэппит вакансияларын ууран олороллор. Остуолга чугаһаатым даҕаны: “Ханнык биридимиэт учууталаҕын?” – диэн ыйыта тоһуйалларын – суох, суруналыыспын – диибин.

Аҕыйах сыллаахха диэри хоту, Арктика эргин учуутал тиийбэт дииллэрэ этэ, бүгүн оннооҕор Дьокуускай куораттан, Хаҥаластан, Намтан үлэ биэрээччилэр, бэрэстэбиитэллэр кэлэн олороллор.   Биир курдук тэрилтэлэр үлэһит бэйэтэ киирэн кэлэрин кэтэһэн быар куустан олорботторо үчүгэй эрээри, иккис курдук ити көрдөрүү оннооҕор куоракка педагог тиийбэтин ырылхайдык туоһулуур. Сорох улуустар отуччалыы испииһэктээхтэр. Мин көрдөхпүнэ, педагогтааҕар үлэ биэрээччитэ элбэххэ дылы. Тоҕо педагогунан үлэлии барбаттарын ыйыттахха: “Педагог тиийбэтин кыһалҕата араас: сорох учууталлар ыраах барыахтарын баҕарбаттар, атыттар хамнастарын мыыналлар, үһүстэр олорор дьиэ көрүллүбэт эбит дэһэллэр, төрдүстэр биир сыл үлэлии түһээт куоракка көһөллөр…” – диэн быһаараллар.

Алдан улууһун эбии үөрэхтээһинин тэрилтэтин дириэктэрэ Диана Прокопьева: “Улуус үрдүнэн барыта 32 педагогтаахпын, “Юнармия”, хореография, АйТи, уус-уран хайысхалар, саахымат, бильярд… үлэлииллэр. Ааспыт сылга улуус үрдүнэн 700-чэкэ оҕону хабан дьарыктаабыппыт. Эбии үөрэхтээһиҥҥэ күн бүгүн икки (вокал, АйТи) вакансия баар. Билигин эбии үөрэхтээһин педагогтарын хамнаһа үчүгэй, ортотунан 70-ча тыһ. солк. аахсаллар, учуутал идэтигэр холоотоххо ноҕорууската кыра, эксээмэн суох, айымньылаахтык үлэлиир эрэ ирдэнэр” – диэн этэр.

Алдан улууһа былырыын дьаарбаҥкаҕа алта уонча вакансияҕа үлэһит көрдөөбүт эбит буоллаҕына,  билиҥҥитэ 17 уһуйааҥҥа, 27 оскуолаҕа вакансияны билиһиннэрэ олороллор. “Алдан улууһугар барыан баҕалаах аҕыйах. Сорохтор ыраах, хоту дии саныыллар. Оннук буолбатах. Алдан усулуобуйата олус үчүгэй, барыы-кэлии өттүнэн бэрт табыгастаах. Үөрэнээччилэрбитин Благовещенскай, Хабаровскай, Владивосток курдук куораттарынан тимир суолунан идэҕэ эрдэттэн туһаайар туурдарга, норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиадаларга тиийэ илдьэбит. Ол иһин эдэр учуутал сайдарыгар туох  усулуобуйа барыта баар. Улууска эдэр учуутал аҕыйах, онон олус өйүүллэр, дьиэ-уот да өттүнэн кыах баарынан тэрийэллэр. Холобур, Хатыстыыр 200 үөрэнээччилээх оскуола. Күн бүгүн математика, аангылыйа тылын учууталларын көрдүүбүт. Былырыын үс учуутал үлэлии тиийбитэ” – диэн Диана Михайловна кэпсиир.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

3 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago