Педагогическай дьаарбаҥкаҕа – Павловскай орто оскуолатын түһүлгэтэ

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһун ытык сиригэр Ураһалаахха XX өрөспүүбүлэкэтээҕи педагогическай дьаарбанкаҕа В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолата «А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй алгыстаах санаалара норуоту түмэр күүс» түһүлгэни олус дириҥ ис хоһоонноохтук тэрийэн ыытта.

Педагогическай кэлэктиип  өрөспүүбүлүкэбит сахалыы куттаах-сүрдээх айар-тутар дьонун, учуонайдарын, салайааччыларын, уопсастыбынньыктарын Өксөкүлээх  Өлөксөй айымньыларын сэһэнинэн үлэлиир үтүө үопуттарын түмүгүнэн түмтэ. Маннык алгыстаах үлэ олохтонор түөрэҕин түстээбит ытык киһибитинэн 30-ча сыллааҕыта «Кулаковскай лабораториятын» олохтообут,   саха тылын уонна литэрэтиирэтин бэтэрээн учуутала  Г.В.Егорова буолар. Билигин ити үлэни сүрүннээччинэн бу оскуола учуутала С.Д.Пудова үлэлии сылдьар.  Тэрийээччилэр  былааннабыт тосхоллорунан, икки күн устата  кыттааччылары, сэҥээрэччилэри тарданнар быыстала суох үлэлээтилэр. Уопсайа 400 тахса киһи кытынна.  Мин иккис күҥҥэ ыытыспыт түһүлгэм туһунан сырдатабын.

Светлана Дмитриевна Пудова үгэс эргииринэн «Айыы санааҕа айан» сэһэн түһүлгэ сыалын-соругун билиһиннэрдэ. Сүрүннээн үгэһи, сиэри-туому тутуһан олоххо  хайдах киллэрэргэ санааны чопчулаан этэргэ ыҥырда.    Ульяна Винокурова Өймөкөөнтөн саҕыллыбыт «Айыы санаа айана» аат суолланан-иистэнэн эрэриттэн үөрэрин биллэрдэ. Ульяна Алексеевна Дьылҕа Хаан, Одун Хаан,  Чыҥыс Хаан Айыыһыттарбытын баардылыырбыт туһугар санаатын этэн, биһиги кэпсэтиибитин өссө чиҥэтэн биэрдэ.

Бу түһүлгэбитин  Галина Семеновна Попова-Санаайа сүрүннээбитэ. Кини — Айыы туомнарынан үлэлиирбитигэр биһиэхэ барыбытыгар научнай салайааччыбыт. Л.А.Афанасьев-Тэрис  Айыы дьиэтин үлэлэтэр дьөһүөлдьүттэргэ анаан «Айыы туомнара» кинигэтин, Галина Семеновна Тэрис «Айыы суола» үлэтиттэн  тирэҕирэн 12 ый кэрдиитинэн хас биирдии ыйы  12  төрүт Айыы өйдөбүлүнэн таҥан оҥорбута туомньут дьоҥҥо туһалаах пособиетын, А.Н.Павлов-Дабыл «Айыы холумтана», «Ыал барҕата» үлэлэрин тула сэһэргэһии олохтонно. Бу да түһүлгэбитигэр «Айыы холумтанын» тула олороммут кэпсэттибит.

«Айгы ситимэ» уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта Александр Протодъяконов Өксөкүлээх билиитинэн “Айыы санаа айана” диэн баҕалаах дьону түмэн сатыы хаамыылары, айаны Дьокуускай,  Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Чурапчы, Таатта улуустарынан ыыппыта. Итиннэ сылдьан нэһилиэнньэ  олорор сирдэригэр тапталлара күүһүрбүтүн, дойдуларын харыстыыр санааҕа кэлбиттэрин бэлиэтээн туран, билиҥҥи кэм дьонугар тускуламмыт олох философията баар буолуоҕун эттэ. Сиэри-туому үөрэтии улахан суолталааҕын чопчулаата.

Чурапчы Чакыр нэһилиэгиттэн 12 киһи баһылыктарын К.И.Лебедевы кытта кэлэннэр,   дьаһалта иһинэн олоҥхо: төрүт нэһилиэстибэ үөрүйэҕинэн нэһилиэги үүннэрэр-сайыннарар «Төрүт ситим»  социокултуурунай бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Чакыр олохтоохторо үгэс эргиирин тутуһар «Төрүт ситим» бырайыак хайысхаларын бэйэлэрэ сырдаттылар: «Саҥа кэм киһитэ – кут дабаан» (Неустроева А.В.); «Күннээйик» (Матвеева М.А.); «Ийэ тыл – саһарҕа саас» (Кузьмина А.Т.); «Аныгы Маарыкчаан ыччаттара» (Софронова А.Н.); «Кэриэс туолуута» (Еремеева В.К.); «Сэмэнчик» (А.Д.Варламова, М.В.Алексеева); «Ыал тыына» (Кириллина А.М.); «Чакырга олоҥхо сайдыыта» (Ширяева М.И.). Константин Иннокентьевич «Олоҥхо: төрүт нэһилиэстибэ үөрэҕэ “Ытык бичик» үлэтигэр (А.Е.Захарова) болҕомтобутун туһаайарбытыгар ыҥырда.

«Айыы санааҕа айан» түһүлгэҕэ олоҥхоттон, өбүгэ билиититтэн тиһиллибит баар бары  үөрэхтэри түмэн, ол тула сүбэлэһэр, уопут атастаһар лаборатория курдук тэриллэн, үлэ барарын туһугар биир санааҕа кэллилэр. «Айыы үөрэҕинэн» тиһиллибит сыллааҕы үгэс эргиирин тутуһан,  «Айыы туомнара», «Айыы холумтана», «Ыал барҕата» өйдөбүллэр   ис хоһооннорунан науканы уонна быраактыканы кытта дьүөрэлээн ситимнээх үлэ барарыгар, ити ааттаммыт лаборатория, сүрүн хайысха быһыытынан үлэлиэҕин баҕардылар. Кэлэр өттүгэр бу мустубут дьон, лаборатория хайдах үлэлиэхтээҕин туһунан өссө кэпсэтэргэ, сүбэлэһэргэ былааннаннылар.

Нөөрүктээйи нэһилиэгин Павловскай оскуолатын бары учууталларыгар, Өксөкүлээх нэһилиэстибэтэ – саргылаах санааны  олохтуур Алгыстаах үтүө түһүлгэтин  төрүттээбиккитигэр барҕа-махтал буолуохтун! Айыы санаабыт суола арылла турдун!

Анна ХОЛМОГОРОВА, төрүт үгэһи тарҕатар уопсастыбанньык

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

8 часов ago