Салгыы
Педагогтар биэнсийэҕэ эрдэ тахсар испииһэктэрин кэҥэтиэхтэрэ

Педагогтар биэнсийэҕэ эрдэ тахсар испииһэктэрин кэҥэтиэхтэрэ

18.04.2024, 16:53
Хаартыска: https://pxhere.com/ru
Бөлөххө киир:

Госдуумаҕа педагогическай үлэһиттэр биэнсийэҕэ эрдэ тахсар испииһэктэрин кэҥэтэр туһунан сокуон барылын киллэрдилэр диэн ТАСС суруйар.

Билиҥҥитэ «О страховых пенсиях» сокуон чэрчитинэн, оҕо тэрилтэлэригэр үлэлиир педагогтар 25 сылтан кырата суох педагогическай ыстаастаах буоллахтарына, биэнсийэҕэ эрдэ тахсар кыахтаахтар. Ол эрээри онно сорох үлэһиттэр: уһуйааннарга, оскуолаларга үлэлиир психологтар, тириэньэрдэр, социальнай педагогтар, эбии үөрэхтээһин үлэһиттэрэ, уо.д.а. бу испииһэккэ суох буолан, биэнсийэҕэ эрдэ тахсар кыахтара суох.

Холобур, уһуйааҥҥа үлэлиир психолог дуоһунаһа «психолог-педагог» диэн ыйыллыбатах буоллаҕына, педагогическай ыстаас ааҕыллыбат. Уһуйааҥҥа, оскуолаҕа бары тэҥҥэ үлэлиир курдуктар эрээри, ити курдук ойдом тутуллан хаалаллар. «Бу маннык сыһыан социальнай судаарыстыба бириинсиптэрин кытта сөп түбэспэт» — диэн сокуон барылын оҥорооччулар этэллэр.

Бу сокуон барылын быһыытынан, оҕо тэрилтэлэригэр үлэлиир бары үлэһиттэр, билиҥҥи сокуоҥҥа ыйыллыбыт испииһэккэ баалларыттан-суохтарыттан тутулуга суох, биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптаах буолуохтаахтар диэн этиллэр.

+1
3
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: