Педагогтар күрэстэрин кыайыылаахтарыгар 100 тыһ. солк. биэрдилэр

Share

Саха сирин сүүс бастыҥ педагогтарын бэрэстэбиитэллэрэ 100-түү тыһ. солк. бириэмийэни тутта.  Үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин күрэһин кыайыылаахтарын наҕараадалааһын бүгүн буолла. «РНГ» АУо хампаанньа тэрээһини көҕүлээччи уонна сүрүн үлэлэһээччи буолар. Күрэс аан маҥнайгытын Саха АССР 100 сылыгар ыытыллыбыта. Тэрээһини педагогтар улаханнык сэҥээрбиттэрэ, онон сыллата ыытарга быһаарыммыттара.

Кыттааччы ахсаана сыллата уларыйа турар. Быйыл барыта 390 педагогическай үлэһит сүүмэрдиир күрэскэ сайаапкатын ыыппыта.

“Оҕолор кэскиллэрэ – педагогтар илиилэригэр диэн хаста да этэн турабын, ол аата Арассыыйа иннникитэ педагогтартан тутулуктаах. Учуутал идэтин аатын суолтатын үрдэтиинэн биһиги бырамыысыланнай тэрилтэлэрбит эмиэ дьарыктаналлара үөрүүлээх. Маныаха үтүө холобуру “РНГ” АУо көрдөрөр, номнуо үһүс сылын Саха сирин педагогтарыгар бириэмийэ туттарыы күрэһигэр генеральнай спонсорынан буолар. Хампаанньа көмөтүнэн сыллата өрөспүүбүлүкэ 100 бастыҥ учуутала 100 тыһ. солк. кээмэйдээх бириэмийэни тутар” – диэн Ил Дархан бэлиэтээн эттэ.

Күрэскэ ханнык тэрилтэҕэ үлэлииллэриттэн тутулуга суох педагогтар бары кытталлар. Манна чааһынай уһуйааннар уонна биэдэмэстибэни таһынан оскуола иннинээҕи тэрилтэ иитээччилэрэ, оҕо ускуустубатын уонна успуорт оскуолаларын преподавателлэрэ, оскуола учууталлара уонна орто анал үөрэх тэрилтэлэрин педагогтара кытталлар.

Быйыл сүүмэрдиир күрэскэ 36 муниципальнай тэриллииттэн барытыттан киирдилэр. Сыаналааһын ирдэбилин Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ оҥорбута. Ол иһигэр үөрэнээччилэр үөрэхтэрин үрдүк ситиһиилэрэ, кинилэр олимпиадаларга уонна куонкурустарга, билим-чинчийэр үлэлэргэ кыттыыларын түмүгэ, күрэскэ кыттааччылар бэйэлэрэ идэлэринэн үрдүк ситиһиилэрэ киирэр.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Хаартыска: www.sakha.gov.ru

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

3 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

3 часа ago